Город Среднеколымск
В 2023 году наш город отмечал 380-летний юбилей. В ознаменование этого события мы провели городской праздник «Ысыах» в парке «Победа». Хочется отметить работу «Колымстройотряда».
В уходящем году нам удалось начать строительство первых четырех каменных многоквартирных домов. Одно из главных событий 2023 года — грант на благоустройство территории площади «Победа», в следующем году предстоит большая работа над этим проектом. Надеемся, что в 2024 году программа переселения из ветхого жилья будет воплощена. В планах также строительство восьмиквартирного дома для специалистов. Будем работать над строительством мусоросжигательного завода. Надеемся пройти госэкспертизу проектно-сметной документации ремонта автомобильных дорог и начать изыскание средств на бетонирование дорог. По программе ППМИ планируем сделать дороги и завезти трубы для новой детской площадки на ул. Мира.
От имени администрации города и от себя лично поздравляем Вас с наступающим Новым годом! Пусть в ваших семьях царит любовь и взаимопонимание, желаем вам финансового благополучия и крепкого здоровья!
Алаһыай
Арҕахтаахха быйыл 80 миэстэлээх В.А.Местников аатынан саҥа оскуола үлэҕэ киирдэ. Социальнай суолталаах эбийиэктэргэ элбэх өрөмүөн, саҥардыы үлэтэ ыытылынна. Нэһилиэккэ ынах сүөһү– 54 төбө, сылгы ахсаана уопсайа 226 төбөҕө тэҥнэһэр. Көтөр аал былаһааккаларын сирдэрэ дэхсилэнэн оҥоһулунна. Элбэх оҕолоох уонна соҕотох олорор дьоҥҥо баһаары биллэрэр 40 тэрил (АДПИ) туруорулунна. Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа тирэҕирэн кэлэр сылга ыһыах ыытыллар былаһаакката саҥардыллара былааннанар. Маны сэргэ нэһилиэк тэриллибитэ 90 сылын үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит.
Кэлэн иhэр саргылаах Саҥа Дьылынан уонна Ороһуоспанан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ааспыт сыл бары үтүөтүн, ситиһиитин махтана атаарыахха, кэлэр сыл үөрүүтүн дьолун сомсуохха. Сайдыыбыт, кэскилбит түстэнэригэр саҥа хамсааһыннар, үтүө түмүктээх былааннар күүтэллэр. Саҥа сылга сырдык, ыраас күннэр, эйэ, ытыктабыл, баай-дуол, дьол-соргу, таптал олохсуйдун, чэгиэн-чэбдик буолуҥ!Дойдубутун көмүскүү сылдьар уолаттарбыт кыайыынан этэҥҥэ, доруобай эргиллэн кэллиннэр.
Байды
Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаев оробуочай сырыытынан кэлэ сылдьан, икки социальнай эбийиэги үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйан барбыта. Ол курдук, тыын боппуруостарбыт быһаарыллан, «Кэскил» оҕо сайдар киинэ уонна быраас амбулаторията олоххо киирэн сайдыы туһугар үлэлии-хамсыы тураллар. Кэлэр сыл олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн, дьон сынньанар аралдьыйар миэстэтэ баар буоларыгар үлэ ыытыллар. Билигин сирэ-уота быһаарыллар. Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарар М.Г.Шадрина 77 ынах сүөһү тутар. Улууска бастакы ньирэй кини хаһаайыстыбатыгар төрөөбүтэ. Кинилэр бу сайын бэйэ күүһүнэн анал дьиэ уонна ампаар туттубуттара.
Күндү улууспут бары олохтоохторун, үүммүт саҥа сылынан эҕэрдэлиибин! Доруобуйаны,чэгиэн туругу, дьоллоох сылы баҕарабын. Улууспут, нэһилиэкпит сайдарын, ыччаппыт кэскиллээх буоларын туһугар үлэлиэххэ-хамсыахха. Бу сылга былааҥҥыт, баҕа санааҕыт барыта туолуохтун!
Бастакы Мээтис
Ааһан эрэр сыл нэһилиэкпитигэр Успуорт хайысхатыгар элбэх үтүө үрдүк өйдөбүл хаалларда. Ол курдук улуустааҕы орто саастаахтар спартакиадаларын тэрийбиппит. Мас тардыһар уолаттарбыт улуустааҕы күрэхтэргэ хас эмэ төгүл чөмпүйүөн аатын сүктүлэр. Маны сэргэ спортсменнарбыт Бүлүүгэ тиийэн, мас тардыһан, олохтоохтор биһирэбиллэрин ылан, улуустарын, нэһилиэктэрин ааттаттылар. Аммаҕа ыытыллыбыт доруобуйаларынан хааччахтаах дьон спартакиадаларыгар 7 киһи ситиһиилээхтик кыттыбыта. Быйыл олохтоох дьаһалта бүддьүөтүттэн бөһүөлэккэ киириигэ аныгылыы стелла оҥоһулунна. 5 ыал дьиэ туттан саҥа дьиэҕэ киирдэ. Кэлэр сылга ППМИ чэрчитинэн, тыраахтар ылар былааннаахпыт. Тохсунньу 5 күнүгэр «Мээтис Боотура-2023» спортивнай күрэх ыытыллара былааннанар. Олунньу ыйга нэһилиэк баһылыгын быыбара буолара күүтүллэр.
Дьоһун мааны биир дойдулаахтарбыт! Кэлэн иһэр саргылаах саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Чэгиэн туругу, сырдык санааны, инникигэ эрэли уонна сайдыыны, үлэҕитигэр, үөрэххитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, тус олоххутугар дьолу-саргыны, үтүмэн үгүс үөрүүнү, баай байылыат, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабын.
Березовский наслег
Благодаря ППМИ, в нашем селе появилась детская игровая площадка, открытие которой стало большой радостью для наших детей. Также была приобретена спецтехника (водовозка) для обеспечения первичных мер пожарной безопасности. Кроме этого, такую машину можно использовать для доставки питьевой воды населению. Таким образом, приобретение водовозной техники стало решением нескольких задач. В результате государственной инвестиционной программы по переносу с.Березовка на незатопляемое место с 2019 года по сей день идет застройка новой незатопляемой территории. В этом году построено и введено в эксплуатацию еще 3 двухквартирных дома. В следующие годы также планируется продолжение строительства. В 2024г. наслег отметит две знаменательные даты: в апреле – 70-летний юбилей основания с.Березовка и в декабре – 55-летие МКДОУ д/с «Энкэчэн», куда мы вас приглашаем отпраздновать вместе с нами это приятное событие.
Примите самые искренние поздравления с наступающим Новым годом! Пусть Новый год подарит Вам благополучие, исполнение заветной мечты и укрепит веру в будущее!
Сиэн Күөл
Дойдуга буола турар байыаннай дьайыыга 3 уолбут кытта сылдьар. СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр улахан болҕомтобутун, өйөбүлбүтүн уурабыт. Социальнай хантыраак үбүлээһинэ бэйэ дьыалатын тэриниигэ уонна көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэҥҥэ туһаайылынна. Ыһыах ыһар түһүлгэҕэ кэрэ көстүүлээх муоста тутуллубута, водозабор өрөмүөннэммитэ. Улуустааҕы ыһыахха 1 миэстэлээн ылбыт үппүт, полисаднигы тупсарыыга туһаныллыахтаах. Нэһилиэккэ бу күн туругунан 177 хороҕор муостаах, 331 сылгы сүөһү иитиллэр. Кэлэр сыл нэһилиэнньэни көҕүлүүр бырагырааманан тырааныспар сылдьар муостатыгар өрөмүөн ыытыллара былааннанар. Кыстыыр чох саппааһа баар. Саҥа успуорт саалата тутулларыгар туруорсабыт. Кэлэр сылга А.Н.Горохов аатынан орто оскуола 100 сыллаах үбүлүөйэ ыытыллара былааннанар.
Саргылаах Саҥа дьылынан истиҥник эҕэрдэлиибин! Ыра санаабытын ыһыктыбакка, дьулууру, тулууру сүтэрбэккэ, өссө сомоҕолоһон бииргэ буолан ыарахаттары кыайыаҕыҥ, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл, тирэх буолуоҕуҥ. Саҥа үүнэн эрэр сыл үөрүүлээх түгэннэринэн, чаҕылхай күннэринэн баай буоллун. Хас биирдии дьиэҕэ сахалыы нус-хас, уйгу-быйаҥ, дьоллоох олох уйаланнын!
Хатыҥнаах
Үлэ сылын чэрчитинэн элбэх үлэ ыытылынна. Успуорт былаһааккатыгар саҥардыы үлэтэ барбыта. Норуот күүһүнэн биир күҥҥэ 5 от кэбиһиллибитэ. СВО-ҕа сылдьар уолаттарбытыгар, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр тустаах көмө өрүү оҥоһуллар. «Эр санаа» мэтээллээх хорсун дьоруойбут Николай Сибиряков аатыгар стела оҥоһуллубута. Бу күннэргэ дойдуга уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит, СӨ Үлэ, улууспутугар Аҕа сылын түмүктүүр дьоро киэһэлэр ыытыллыахтара. Кэлэр сыл сүрүн былаанынан, оскуолабыт успуорт саалатыгар өрөмүөн ыытыллыаҕа, бэтэрээннэр улуустааҕы спартакиадаларын тэрийиэхпит. Үүнэр саҥа сылга бары баҕа санаа бастыҥа туоларыгар, ылыллыбыт былааннар олоххо киирэллэригэр, бар дьоммут доруобай, дьоллоох-соргулаах буоларыгар, эйэлээх нус-хас олох тосхойоругар баҕарабын.
Иккис Хаҥалас
Cүрүн үлэ оҕо былаһааккатын сирин тупсарыыга, ыһыахтыыр былаһаакканы сөргүтүүгэ ыытылынна. Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн нэһилиэнньэ сайыҥҥы өттүгэр ыраас иһэр уунан хааччылынна. Уу турбата 70 ыалга холбонно. Бу күннэргэ бырагыраама чэрчитинэн тиэхиньикэ ылар буолбуппутуттан олус үөрэн олоробут. «Хаҥалас кэскилэ» ыччат тэрилтэтэ Ил Дархан гранын үбүлээһининэн Скейт-парк оҥоһуллубута. ТОС ааһан, нэһилиэк сборнай хамаандатыгар анал таҥас оҥортордубут. И.Н.Сивцев аатыгар оҕолорго улуустааҕы тустуу күрэҕэ ыытыллыбыта. «Здоровый наслег» куонкуруһу ааһан, 30 чөл олохтоох бастыҥ нэһилиэк иһигэр киирдибит. Куйаарынан куоластааһыҥҥа кыттан, кэлэр сыл 4G интэриниэт киирэрин ситистибит. «Своя усадьба» бырагырааманан 20 ыалга тутуу матырыйаалын аҕаллыбыт. Успуорт саалабытын ититиигэ хапытаалынай үлэ ыытыллыбыта. Бильярднай хамаанда түмсүүтүн көҕүлээһининэн, нэһилиэнньэ көмөтүнэн бильярдыыр дьоҕус хос оҥоһулунна. Кэлэр сылга улуустааҕы мас тардыһыы уонна бильярд күрэҕин, ыччат спартакиадатын тэрийэр былааннаахпыт. Быйыл нэһилиэккэ 7 оҕо күн сирин көрдө. Сылбыт игирэ оҕолор кэлиилэринэн түмүктэннэ. Күндү улууспут, нэһилиэгим олохтоохторун кэлбит саҥа сылынан эҕэрдэлиибин! Доруобуйаны, үөрэххэ, үлэҕэ ситиһиини ба5арабын. Бука бары инникибит сайдарын, ыччаппыт кэскиллээх буоларын туһугар үүнүөх-сайдыах, үлэлиэх.
Бастакы Хаҥалас
Быйыл сүрүн үлэ суол-иис оҥоруутугар ананна. Ол курдук Дьиэлээх Айаан сиригэр Булгунньахтаах сиэнин туоруур муоста тутулунна, бөһүөлэктэн бириистэҥҥэ тиийэр суолу кэҥэтии, тэҥнээһин үлэлэрэ ыытылыннылар. Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраама чэрчитинэн нэһилиэнньэни ыраас уунан хааччыйар уу ситимин тардыы маҥнайгы түһүмэҕэ түмүктэннэ. Кэлэр сылтан нэһилиэнньэ ыраас уунан төгүрүк сыл хааччыллара былааннанар. Г.Г.Софронов аатынан орто оскуолаҕа икки сыллаах хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ түмүктэннэ. Сылгы Собуота 1261 сылгы сүөһүнү, 160 хороҕор муостааҕы тутар. Кэлэр сылтан Ил Дархан дьаһалыгар олоҕуран типовой хотон тутуллуута саҕаланыаҕа. Маны сэргэ сылгы Собуота бизону аҕалан иитиини былаанныыр. Үүнэр сылга хороҕор муостааҕы сайылатар Байаҕал учаастагын сөргүтэр сыал-сорук турар. Бу сылга 100 тахса киһи кыттыылаах Улуустааҕы мас тардыһыы күрэҕэ ыытыллыбыта. Кэлэр сылга биир дойдулаахпыт Александра Пантелеймоновна Сивцева (Гуляева) кэриэһигэр улуустааҕы волейбол күрэҕэ ыытыллыаҕа.
Күндү биир дойдулаахтарбытын саҥа сылынан эҕэрдэбин тиэрдэбит! Олохпут саҥа кэрдииһэ үтүө дьыалаларынан баай буоллун, элбэх үөрүүлээх түгэни бэлэхтээтин, баҕа санаалар, былааннар туоллуннар! Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сыла сырдык, дьоллоох кэминэн бэлиэтэннин.
Иккис Мээтис
Быйыл биир дойдулаахпыт, Сахаттан бастакы бэрэпиэссэр, учуонай-северовед Г.Г.Колесов 130 сааһыгар аналлаах үгүс тэрээһин ыытылынна. Бу күннэргэ дуобакка, саахымакка улуустааҕы күрэх ыытыллыбыта. Чулуу убайбыт аатын үйэтитэр сыаллаах Дьокуускайга үрдүк таһымнаах кэмпэриэнсийэ ыытылынна. «Здоровый наслег» бырайыагы көмүскээн, өрөспүүбүлүкэ чөл нэһилиэктэрин ахсааннарыгар киирбиппит. ТОС бырагырааманан волейболлуур былаһаакка тутулунна. Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр бырагыраамаҕа тирэҕирэн, дьон сынньанар, аралдьыйар паарката олоххо киирдэ. Үүнэр сылга сахалыы, аныгылыы моһуоннаах, мусуойдаах, тэрээһиннэр ыытыллалларыгар анал искибиэри тутар былааннаах бырайыакпытынан кииристибит. Эппиэтин күүтэбит. Кэлэр сылтан биир тыын боппуруоспут быһаарыллан, дьокутааппыт Г.Н. Алексеев уурааҕынан саҥа оскуола тутуллуута саҕаланара былааннанар. Кэлэр сылга улуус таһымнаах футбол күрэҕин ыытыахпыт.
Күндү биир дойдулаахтарбытын үүммүт Саҥа дьылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ үгүс үөрүүнү, дьолу, ситиһиини, иллээх-эйэлээх олоҕу баҕарабыт. Кэлэр сыллааҕы сыалгыт-соруккут олоххо киирдин!
Ааптар: Саргылана Кокорина