II-с Хаҥалас нэһилиэгэр «Арчы балаҕана» тутуллубута 10 сыла бэлиэтэннэ

2013 с. нэһилиэк баһылыга Константин Константинович Бубякин, ол кэмҥэ бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Константиновна Гуляева этии киллэрбитин ылынан, урут ыһыах ыһар сирбитигэр, кулууп ойоҕоһугар нэһилиэк олохтоохторун күүһүнэн туттаран, күһүн алтынньы 1 күнүгэр Арчы балаҕанын үлэҕэ киллэрбитэ. Биэнсийэлээхтэр түмсэн, көрсөн, араас тэрээһиннэри ыытан бэркэ дуоһуйаллара.

Оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүлэр, иис куруһуоктара тэриллэн ыытыллаллара.

Ытык саастарын туолар дьоро күннэри бэлиэтиир, ыраахтан-чугастан ыалдьыттары көрсөр мааны дьиэ буолар.
Ааспыт хамсык кэмэ дьон өйүгэр-санаатыгар, уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа кыттыыга, хааччаҕы киллэрбитэ ханна да биллэр, көстөр.

Ол иһин нэһилиэк олохтоохторун о5отуттан эдэригэр, ыччатыттан эмэнигэр диэри түмэр сыаллаах, аҕам саастаахтар түмсүүлэрин салайааччыта, Арчыбыт тэриллибитэ 10 сылын бэлиэтииргэ түмсүү актыбыыстарыттан, олохтоох дьаһалтаттан, туһааннаах тэрилтэлэртэн хамыыһыйа тэрийбитэ.

Хамыыһыйа Арчы күннэрэ диэн былааннаан, олунньу 13-тэн, төрөөбүт тыл сурук-бичик күнүттэн саҕалаан, бэрт интэриэһинэй тэрээһиннэр нэдиэлэни быһа ыытылыннылар.

«Мин ийэ тылым — саха тыла» алын кылаас оҕолоругар Арчы балаҕаныгар өбүгэбит сиэрин-туомун оҥорууга кыттыстылар, нэһилиэкпитигэр норуоппут култууратын тарҕатааччылар- оһуохайдьыттар, чабырҕахсыттар, хомусчуттар тустарынан сырдатылынна, этигэн хомус хомуһунун туһунан билистилэр. Оҕолор чабырҕахтарынан, тойуктарынан, оһуохайынан түмүктэннэ. Ону таһынан оскуола улахан кылаас үөрэнээччилэригэр Ийэ тылыгар аналлаах Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар дьыктаан ыытылынна.

Олунньу 14 күнүгэр «Өбүгэ ситимин утума» — Арчы дьиэтигэр улахан кылаас оҕолоругар тематическай кылаас чааһа саха итэҕэлин тула буолла, нэһилиэккэ туттар сиэр-туом туһунан кэпсэтии барда, оһуохай таһаарыы хамсаныытын арааһын билиһиннэриинэн түмүктэннэ. Бу дириҥ өйдөбүллээх үлэни, саха тылын учуутала Е.Д.Ефимова кыайа-хото тутан, арыйан ыытарын, сылдьыбыт дьон сэргээтибит да сэҥээрдибит даҕаны. Кинини кытта култуура киинин исписэлииһэ У.А.Сосина хомус охсуутун, оһуохай көрүҥнэрин билиһиннэриитэ киэргэттэ.

Киэһэ тэрилтэлэр икки ардыларыгар бибилэтиэкэр М.Д.Шадрина, аҕам саастаахтар түмсүүлэрин бэрэссэдээтэлэ С.И.Слепцова бэлэмнээн ыыппыт төрөөбүт тылбытыгар сыһыаннаах «Өркөн өй» оонньууга, олохтоох дьаһалта тэрилтэтэ I-кы , биэнсийэлээхтэр II-с, оскуола хамаандата III-с миэстэ ылан астынан бардылар.

Олунньу 15 күнүгэр алын сүһүөх кылааһын оҕолоро сахалыы хамсаныылаах оонньуулары А.Г. Слепцова ыыппытын олус сөбүлээтилэр. Арчы дьиэтигэр улахан дьоҥҥо Саха төрүт оһуордарын суолтатын туһунан бэсиэдэни С. И.Слепцова ыытта.

Олунньу 16 күнүгэр нэһилиэк аҕам саастаахтарыгар анаан, үбүлүөйгэ аналлаах итии чэйдээх остуолу Л.И.Никитина, А.А.Слепцова иилээн-саҕалаан тэрийдилэр. Бу бырааһынньыкка ыаллыы сытар I-кы Хаҥалас нэһилиэгин Арчы дьиэтин хаһаайката Мария Семеновна Созонова уонна нэһилиэкпититтэн төрүттээх Анна Алексеевна Явловская кэлэн кырдьаҕастарга үөрүү буолла, бырааһынньыкпытын өссө киэргэттилэр. Тэрилтэ салайааччылара, ыалдьыттарбыт бэйэлэрин эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын эттилэр. Кырдьаҕастарбыт урут элбэхтэ сылдьыбыт дьиэлэриттэн үөрэн астынан бардылар.

Олунньу 17 күнэ нэһилиэк барыны бары сатыыр, талааннаах дьахтар аймахха анаммыт күнэ буолла. Сибэкки эгэлгэтэ тэлгэһэлээх далбардарбыт, бастыҥ оҕуруотчуттарбыт К.В.Гуляева, Л.Д.Гуляева, У.К.Гуляева, П.Д.Новгородова кэлэн истиҥ сүбэлэрдээх олус суолталаах кэпсэтии таҕыста. Олохтоох усулуобуйаҕа үүннэриллибит сибэккилэртэн, оҕуруот аһыттан ылыллыбыт сиэмэлэри истээччилэргэ аҕалан бэристилэр. Бөһүөлэкпит сайын кэрэ көстүүлээх буоларыгар, остуолбут битэмииннээх астаах буоларыгар эрэлбит улаатта.

Киэһээнэн, «Саха сатаабата суох» диэн мээнэҕэ этиллибэт, нэһилиэк талааннаах кэрэ аҥаардара О.И.Бережнова ойууларын, Т.А. Винокурова араас матырыйаалтан, Е.А. Васильева сабынан баайыы-өрүү, Е.А. Богатырева оҕуруонан тиспит, П. Д. Новгородова, У.К. Гуляева сылгы сиэлинэн, кылынан оҥоһуктарын арааһын бэркэ ымсыыра, интэриэһиргээн астынан көрдүбүт, эбии мастер кылаас ыыттылар.

Олунньу 19-гар С.И. Слепцова «ойуу кистэлэҥ эйгэтэ» лиэксийэни бэйэ, оҕо ис туругун өйдүүргэ сыаллаах төрөппүттэргэ, педагогтарга анаан уонна интэриэһиргиир дьоҥҥо ыытылынна.
«Хараҥаччы» уһуйаан иитиллээччилэрэ иитээччилэрин кытта кэлэн балаҕаҥҥа ыалдьыттаан, билсиһэн Арчы 10 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт тэрээһин түмүктэннэ. «Арчы» балаҕана тутуллуоҕуттан хаһаайка быһыытынан У.К. Гуляева бу сыллар тухары бэрт кичэллээхтик иһин-таһын көрө-истэ, тута сылдьарыгар, тэрээһиннэргэ үөрэ-көтө бэлэмнэнэн көрсөрүгэр махталбыт улахан. Мустууну сэргэхситэр, сомоҕолуур тыллаах, киэҥ билиилээх Е.Д. Ефимова, ис сүрэҕиттэн ылсар эппиэтинэстээх А.А. Сосина курдук өйөбүл, кынат буолар хайҕаллаах дьонноохпут үөрдэр. Ыытыллыбыт тэрээһиннэр түмүктэринэн тэриллибит хамыыһыйа, инники үлэҕэ куруһуоктары сааһыттан тутулуга суох ыытарга чопчулаата. Киирбит кэккэ туруорсуулары олохтоох дьаһалта баһылыгар билиһиннэрдэ.

Бары сэргээбит нэһилиэк олохтоохторугар махтанабыт, инникитин да ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттыһыахтара диэн эрэнэбит. «Маннык аһаҕас күннэри сыл ахсын биир нэдиэлэ, Саха тылын күнүгэр түбэһиннэрэн, ыытар үчүгэй буолуо эбит», — диэнинэн сонуммун түмүктүүбүн.

Ааптар: Людмила Никитина

Читайте дальше