Хатыҥнаахтар Дьокуускай куоракка чугдаардылар

Дьокуускай куоракка, Оҕо дыбарыаһыгар «Бриллиантовые нотки» бэстибээл чэрчитинэн ыытыллыбыт, норуоттар икки ардыларынааҕы «Саас» куонкуруска биһиги улууспут инники күөҥҥэ ааттанна.

Ол курдук өрөспүүбүлкэтээҕи тэрээһиҥҥэ, Хатыҥнаах нэһилиэгин «Чугдаар» оҕо фольклорнай ансаамбылын иитиллээччилэрэ, Евдокия Алексеевна Кудрина салайыытынан, үс бөлөҕүнэн кытыннылар. Кыра бөлөххө, олохтоох ааптар Валентина Бандерова «Холобурдаах хоһуйуулар» чабырҕаҕынан (Дархан Татаринов, Милена Шкулева, Лилиана Белоногова, Мира Ефимова) I-кы истиэпэннээх Лауреат буоллулар.

Орто бөлөх кыргыттара «Кэрэкэчээн ини Бэрэкэчээн» норуот ырыатынан (Камила Лаптева, Анита Татаринова, Олеся Кудрина) III-c истиэпэннээх Лауреат, улахан бөлөххө уолаттар «Идэлээх үлэһит тохтообот» норуот ырыатынан (Коля Лаптев, Сергей Семенов, Айаал Сибиряков) Лауреат I-кы истиэпэнинэн наҕараадаланнылар.
Олеся Кудрина «Күөнэ көҕөччөр аттаах Күүстээх уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхотунан I-кы истэпэннээх Лауреат үрдүк аатын сүктэ.

Оҕолору арыаллаан илдьэ сылдьыбыт төрөппүт, Марфа Шкулева: «Оҕолор кэлэр-барар бырайыастарын төрөппүттэр бэйэбит уйуннубут. Эрдэ былааннанан, чэпчэтиилээх билиэттэри ылбыппыт. Айаммыт үрдүк ситиһиилээх түмүктэммитинэн олус үөрэбит. Салайааччыбытыгар Евдокия Алексеевнаҕа махталбыт муҥура суох. Таҥаспытын төрөппүттэр оҥоһуннубут. Оҕолор бу толорууларынан муус устар ыйга култуура кэллиэһэ тэрийэр өрөспүүбүлүкэтээҕи куйаар нөҥүө ыытыллар «Алаас оҕолоро» куонкуруска кыттыахтара. Маны сэргэ истиҥ махталбытын, көмөтүн-өйөбүлүн иһин Хатыҥнаахпыт орто оскуолатыгар тиэрдэбит».

Сахалыы тыллаах-өстөөх, култуураларын, фольклордарын өрө тутар, сайыннарар оҕолорбутугар, төрөппүттэргэ, салайааччыларга махталбытын тиэрдэбит.

Бу курдук кэнчээри ыччаттан, төрөөбүт тылтан саҕалаан, фольклорбут, култуурабыт күүскэ сайдыах-үүнүөх тустаах.
Сотору кэминэн улууспутугар Олоҥхо Ыһыаҕа дуораһыйыа турдаҕа…

Читайте дальше