Алаһа дьиэ араҥаччыта, дьиэ кэргэн тутула, кэскили түстээччи, сайдыыны саҕааччы — тапталлаах кэргэн, күн күбэй ийэ, эйэҕэс эбээ, хос эбээ буолар. Кини кэрэ, үтүө майгылаах, аһыныгас сүрэхтээх, көхтөөх кыттааччы, уопсастыбанньык, нэһилиэк бас-көс туттар, дьон-сэргэ холобур оҥостор киһитэ — кини бүгүн «Халыма Хотун-2024» улуустааҕы куонкурус кыттыылааҕа.

Куонкурус, улуустааҕы «Сымнаҕас күүс» дьахталлар пуорумнарын чэрчитинэн, улууска 10 сыл буолан баран ыытылынна.
Сонун, кэрэ тэрээһиҥҥэ 5 талба-мааны хотун кытынна: Оксана Петровна Винокурова (Өлөөкө Күөлэ), Анна Михайловна Слепцова (Сыбаатай), Елизавета Егоровна Колесова (Ойуһардаах), Валентина Николаевна Павлова (Налимскай), Анна Александровна Слепцова (Эбээх).

Кыттааччылар балаһыанньа быһыытынан бастакы түһүмэххэ, дьиэ кэргэттэрин туһунан билиһиннэрдилэр, манна кыттааччы кэпсиир тыла-өһө, дьиэ кэргэнин духуобунаһын, сыаннастарын арыйыыта, олохторун кэпсиир хаартысканан көрдөрөр слайд-презентациялара сыаналанна.

Иккис түһүмэххэ бэйэ билиитин тургутан көрдүлэр, манна 2 мүн. иһигэр, төрөөбүт дойду сайдыытыгар уонна устуоруйатыгар сыһыаннаах боппуруоска эппиэттээн очукуо хомуннулар.
Салҕыы ыллаан-үҥкүүлээн айар талааннарын көрдөрдүлэр.

Төрдүс түһүмэххэ Далбар ийэлэр сахалыы сандалы астарын эрэсиэптэрин кэпсээн, сатабылларын билиһиннэрдилэр, манна көрөөччү халадьыас, баахыла, ис миинэ, паарыстаммыт балык уонна кымыс хайдах оҥоһулларын билистэ.

Түмүктүүр түһүмэххэ кыттааччылар киэһээҥҥи былааччыйа кэтэн, кэрэлэрин, талбаларын, мааныларын көрдөрө хаамтылар, хас биирдии кыттааччыны көрөөччү дохсун ытыс тыаһынан арыаллыы, астына-дуоһуйа, сэргии олордо.
Дьүүллүүр сүбэ, кыттааччыны 10-ҥа диэри баалынан, бары киритиэрийдэринэн көрөн сыаналаата.

Тэрээһиҥҥэ киирбит үп, 54500солк., аһымал аахсыйа быһыытынан, байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах улуустааҕы көмө пуондаҕа ыытыллыаҕа.

Куонкурус түмүгүнэн, «Талба Хотун» анал номинация Анна Михайловна Слепцоваҕа (Иккис Мээтис нэһилиэгэ), «Иэйии Хотун» — Елизавета Егоровна Колесоваҕа (Сиэн Күөл нэһилиэгэ) ананнылар. Үһүс бочуоттаах миэстэни «Сайдам Хотун» анал ааты ылан, Орто Халыма дьаһалтатын аатыттан 20 000 сэртипикээтинэн Валентина Николаевна Павлова (Байды нэһилиэгэ) наҕараадаланна. Иккис бочуоттаах миэстэ «Мааны Хотун» анал аат уонна 30 000 солк. сэртипикээт Оксана Петровна Винокуроваҕа (Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэ) бэрилиннэ, маны сэргэ кини «Көрөөччү биһирэбилэ» номинация хаһаайкатынан буолла.

«Халыма Хотун» куонкурус кыайыылааҕынан Иккис Хаҥалас нэһилиэгиттэн дьиэ кэргэнинэн кытта кэлбит Далбар ийэ Анна Александровна Слепцова ааттанна уонна улуус баһылыгыттан 50 000 сэртипикээтинэн наҕарадааланна, итиэннэ кэлэр сылга ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Далбар Хотун» куонкуруска кыттарга көҥүл-мэктиэ ылла.
Бу курдук быйылгы сыллаах Халыма Далбар Хотуттарын куонкуруһа дириҥ ис хоһоонноох, сааскы күннүү сырдык-сылаас, дьоһун, сонун, үтүө холобур буолан тэриллэн ааста.

Бары кыттааччылар, тэрийэр хамыыһыйа, о.э. улуустааҕы дьахтар кэмитиэтин аатыттан, чуолаан «Кулума» култуура киинигэр, тэрээһин кыттыылаахтарыгар, көмө-тирэх буолбут дьоҥҥо, көрөөччүлэргэ истиҥ махталын биллэрэр.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше