Хайыһар күрэхтэһиитин тэрээһинэ буолла

Муус устар 15 күнүгэр биир дойдулаахпыт, успуорт, чөл олох көхтөөх энтузиаһа, улуус, нэһилиэк успуордун күрэхтэһиилэрин элбэх төгүллээх чемпиона, призера Санникова Екатерина Иннокентьевна сырдык аатыгар аналлаах хайыһар күрэхтэһиитин тэрээһинэ буолла.

Манна оскуола оҕолоругар кыргыттарга-уолаттарга кылааһынан биирдиилээн бастыыр иннигэр күрэхтэһиилэр, түөлбэнэн триатлон, нэһилиэк олохтоохторугар биатлон буолла.
Төһө да сааскы халлааммыт тыалынан-кууһунан кыһайдар, күрэхтэһээччилэр кыахтарынан илин-кэлин түһүстүлэр. Көрөөччүлэр, ыалдьааччылар да аҕыйаҕа суохтара.

Күрэхтэһии түмүгэр триатлон кыайыылаахтарынан «Саҕах» түөлбэ буолла. Иккис миэстэни «Кэскил», үһүс бочуоттаах миэстэни «Сайдыы» түөлбэлэр ыллылар.
Биатлоҥҥа эр дьоҥҥо 9-с кылаас үөрэнээччитэ Сухомясов Марат эрэллээхтик бастаата. 2-с Винокуров Иннокентий, 3-с Бубякин Николай буоллулар. Кэрэ аҥардарга Третьякова Анжелика I-кы, II-с Колесова Регина, III-с Созонова Майя буоллулар.

Маны таһынан «Бэргэн ытааччы» — 9-с кылаас үөрэнээччитэ Колесова Регина, «Сыыдам хайыһар» — Сухомясов Марат, Третьякова Анжелика, «Кыайыыга дьулуурун иһин» — Слепцова Степанида уонна Винокуров Егор анал ааттарынан наҕараадаланнылар.

Күрэхтэһиини Екатерина Иннокентьевна оҕолоро, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, доҕотторо, нэһилиэк түмсүүлэрэ, тэрилтэлэрэ тэрийэн ыыттылар. Онон хас биирдии кыайыылаах, анал ааты ылбыттар бары мэтээл, кыраамата уонна харчынан бириэмийэ тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Хаарыан киһибит Екатерина Санников, успуорт бары көрүҥэр дэгиттэр талааннааҕа, хаһан да, ханна да буоллар өрүү көхтөөхтүк кыттара. Успуорт күрэхтэһиилэрин олус сэргиирэ, биһириирэ. Онон күндү киһибит сырдык аатын үйэтитэ бу ыытыллыбыт хайыһар күрэхтэһиитин сылын аайы тэрийэн, эдэр ыччаты успуорка угуйан, Катябыт аатын үйэтитэргэ ыҥырыынан сонун күрэхтэһиибит түмүктэннэ.

Ааптар: Изабелла Ноговицына, Өлөөкө-Күөл б.

Читайте дальше