Улуу Кыайыы 79 сылын көрсө, ыам ыйын 9 күнүгэр, олохтоох «Күөрэгэй» КЭК-ҥэ, Людмила Никольская «Должна остаться живой», Олег Шестинский «Блокадные новеллы» айымньыларыттан «Өссө да олоруохпун баҕарабын » испиктээк буолла.
Бу испэктээги Евдокия Борисовна Винокурова салайааччылаах «Мааска» оҕо драматическай куруһуогун иитиллээччилэрэ туруордулар.
Испиктээк Аҕа дойду сэриитин кэмигэр Ленинград блокадатын саҕанааҕы оҕолор дьылҕаларын кэпсиир ис хоһоонноох.
Сүрүн оруолларга 7-с кылаас үөрэнээччитэ Изольда Слепцова уонна 2-с кылаас үөрэнээччитэ Айсен Слепцов оонньоотулар. Оҕолорбут бары олус итэҕэтиилээхтик оонньоон,көрөөччүлэр олус уйадыйан, долгуйа көрдүбүт.
Оччотооҕу кэм таҥаһын-сабын, малын-салын оҕолор нэһилиэк олохтоохторуттан көрдөөн булан, бэрт сатабыллаахтык тэриммиттэр. Онон кырачаан артыыстарбыт оруолларын уобараһыгар киирэн оонньообуттара, оччотооҕу кэми дьиҥнээхтии тилиннэрбит курдук санаатыбыт.
Көрөөччүлэр бары уйадыйан ылбыттарын, оҕолор талааннарын сөхпүттэрин, салайааччы сатабылын хайҕаатылар, астынан тарҕастылар.
Изабелла Ноговицына,
Өлөөкө Күөлэ бөһ.