Ааспыт нэдиэлэҕэ тоҕоостоох кэм түбэспитинэн, Өлөөкө Күөл нэһилиэгэр култуура хайысхатынан, улуус үрдүнэн барыбытын таарыйар, ол эбэтэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын ыйааҕынан кэлэр уон сылга ыытыллар Олоҥхо ыһыахтарын кыраапыгар киирэн, Орто Халымаҕа 2029 сыл Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллара бигэргэтиллэн, ыытыллар үлэ былааннарын туорума саҕаланна диэххэ сөп.
Маннык улахан тэрээһиннээх, киэҥ далааһыннаах Олоҥхо ыһыахтарын, ханнык да улууска ыытылларыгар элбэх үп-харчы ууруллан миэстэтигэр тутуу, сайдыы буоларын билэн олоробут. Холобур, сороҕун да эттэххэ: социальнай ифраструктураҕа салҕыы тутуулар барыылара, суол-иис тупсарыытыгар, үйэтитиллэр кинигэлэр бэчээттэнэллэригэр үбүлээһин, культура духовнай инники сайдыытыгар уо.д а.салааларга.
Онон бары да нэһилиэктэр бу ыытыллыахтаах тэрээһиҥҥэ хаалсыбакка кыттыахтааҕын билэн олороллор. Олоҥхо ыһыаҕын Халыма түөлбэтигэр үс ыаллыы сытар улуустар ситиһиилээхтик тэрийэн ыытыыта, туохха да холоммот улахан суолтата өрөспүүбүлүкэҕэ, бэйэбитигэр, ыалдьыттарбытыгар сөҕүүнү-махтайыыны, дуоһуйууну ылан, инники духовнай култуурабыт салҕыы сайдарыгар саҥа тыын, көрүү киирэрэ саарбаҕа суох.
Ол иһин, бэйэбин улуустааҕы тэрийэр хамыһыйа чилиэнин быһыытынан, бу көрсүһүүлэргэ тугу көрбүппүн, истибиппин, инникитин туохха болҕомто ууран үлэ барарыгар олук уурар, сонуну тириэрдии, истиҥ кэпсэтии майгытынан барда.
Манна бастаан, биһиги улууспутугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кыахтаахпыт дуо уонна туохха олоҕуран быһаардылар диэҥҥэ эппиэт бэрилиннэ.
Бу боппуруос “ичитэх “сиргэ, ким эрэ баҕа санаатынан быһаарыы буолбатах, бу манна уһун сылларга чинчийиллибит уонна ыытыллыбыт үлэлэри үөрэтэн баран сөбүлэҥ түһэриллэр, ону үрдүкү былаас бигэргэтэр.
Кэлиҥҥи да сылларга хоту улуустарга Олоҥхо ыһыахтара ыытыллар буолан эрэллэр, холобур — Үөһээ Дьааҥыга (2016 с.), Өймөкөөҥҥө (2023 с.). Оттон үөрэтии түмүгүнэн, Халымаҕа хас да сүүс сыл анараа өттүгэр, кыргыс үйэтин саҕана “Улуу көһүү” (ааптар -В.Е.Винокуров) суруйбут норуот уостан уоска түһэрэн, кэпсээн аҕалбыт номоҕунан, Халымаҕа Хаҥалас улууһуттан көспүт сахалар төрүт культураларын илдьэ кэлбиттэрин ааспыт үйэлэргэ кэлэ сылдьан чинчийбит айанньыттар, политсыылынайдар үөрэтэн хаалбыт матырыйаалларыгар ыйыллар (В.С.Серошевскай, В.Г.Богораз-Тан, В.И.Иохельсон уо.д.а.). Онтон Сэбиэскэй былаас кэмнэригэр 1938 сыллаахха П.А.Ойуунускай быһаччы сорудаҕынан тыл институтун фольклору хомуйуу сыаллаах айаныгар 1940 сыллаахха Сэһэн Боло Орто Халымаҕа үлэлээн, биэс олоҥхо кылгас ис хоһоонун, сэттэ остуоруйаны, өс хоһооннорун, таабырыннары, хоһооннору балачча хомуйбута архыыпка уурулла сыталлар. Салҕыы сэрии бүтээтин кытта 1945 сыллаахха, олохтоох ТЛИНЧИ-общественнай корреспондена Д.Г.Жирков этэ-тыына олорор Халыма икки олоҥхоһутун сурукка түһэрэн П.Н.Назаров (Ойуһардах) “Мас Батыйа бухатыыр”уонна И.В.Оконешников (Помазкино уч.) “Эрбэх үөһэ биэстэ эргийбит Эрбэхчин Бэргэн “ диэн олоҥхолору үйэтитэн, олохтоох архыыпка сытарын 2010 сыллаахха олохтоох хаһыат эрэдээксийэтигэр бэчээттэнэн, дьон билиитигэр тахсыбыта.90-ус сыллартан төрүт култуура сайдар кэмигэр Халыма ыччаттара салҕыы сайыннаран, испэктээк туруоран, бар дьон көрүүтүгэр билиһиннэрбиттэрэ.
1962,1972,2014 сылларга тылы үөрэтэр институттан кэлэн, үөрэтиилэр, чинчийиилэр ыытыллыбыттара, ол түмүгүнэн Халыма сиригэр бэрт элбэх олоҥхоһуттар олоро сылдьыбыттарын, фольклор араас көрүҥэ улууска сайдан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар үлэлэр бараллара биллэн, экспертнэй хамыыһыйа бу үс ыаллыы сытар Халыма эргимтэтигэр Олоҥхо ыһыаҕын ыытыахха сөбүн ылынан бигэргэтиллибит.
2023 сыллаахха саас Россия уонна өрөспүүбүлүкэ тылы үөрэтэр институтуттан учуонайдар кэлэн, улуус нэһилиэктэринэн үлэлээн барбыттара, кинилэр манна Орто Халымаҕа өссө да түҥ былыргы саха тылын, атын улуустарга умнуллубут архаичнай сиэр-туом баарын бигэргэтэн барбыттара улахан олук буолла. Онон манна олорор саха норуотун омуга “ис хааммытыгар”(генетическай память) буолан иҥэ сылдьар култуурабытын эбии үөрэтэн, тилиннэрэн, “умуллууга” барбакка бука бары сөргүтүүгэ кыттыһан, киин улуустарбытыттан хаалсыбакка, сэнэммэккэ, бу күҥҥэ диэри төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах араас омуктарбытын кытта бииргэ алтыһан, олох араас уларыйыыларын, моһоллорун уйан, айан-тутан, үүнэ-сайда турарбытын көрдөрөр үтүө-кэрэ, үйэлэргэ кэпсээҥҥэ хаалар Улуу бырааһынньыгы тэрийэн ыытыахтаахпыт, оннук санааланан бэлэмнэниигэ ылсарбыт сөптөөх, тоҕо диэтэххэ, маннык баай ис хоһоонноох матырыйаал ыаллыы сытар улуустарбытыгар түмүллүбэтэхтэр, быстах эрэ ыйыылар хаалбыттара биллэр.
Бу тэрээһин улахан өттүгэр иилээн-саҕалаан ыытылларыгар өрөспүүбүлүкэбит бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Дмитрий Садовников, өрөспүүбүлүкэ култууратын миниистирэ Афанасий Ноев, Олоҥхо тыйаатырын салалтата, киэн туттар киһибит социология билимин дуоктара У.А.Винокурова быһаччы кыттыыны ылан үлэлэһэ сылдьаллара да сүргэни көтөҕөр. Ульяна Алексеевна хаста да кэлэн, көрсүһүү, кэпсэтии, мунньах тэрийэн, сүрүн болҕомто туохха ууруллуохтааҕын, үлэ ханнык хайысхаларынан барыахтааҕын чорботон бэлиэтээтэ, ол курдук:
— Бу тэрээһиҥҥэ хайаан да бэйэбит уратыбытын көрдөрөр бэлиэлээх (фишкалаах) буолуохтаахпыт диэн, ол олус интэриэһинэй уонна киэҥ өйдөбүл буолар.
Онно холобур: Улуус былааҕар Дьөһөгөй ойуута, ол үрдүнэн сэттэ алмаас таас сулустара сырдыырын, ону кини сэттэ араас омук алтыһан ,бииргэ айан-тутан кэлбитин сырдатыахтаахпыт диир о.э хаһаахтар-старожиллар, сахалар, эбээннэр, дьукаагырдар, эбэҥкилэр, долганнар, чукчалар.
— Ол иһин Халыма Олоҥхотун ыһыаҕа «Үс Халыма хотугу эргимтэтин Олоҥхотун ыһыаҕа» — диэн ааттаныан сөп, бэл “Күн көрсүүтүн” сиэри толоруу ”Киирбэт Куннээх Хотугу эргимтэ “ церемониятынан киллэриллиэн сөбүн эмиэ холобурдуур.
— Аны Олоҥхобут ыһыаҕар хайаан да аан бастаан кэлбит сахалар ”Улуу көһүү” түгэнин хабан, маннааҕы олохтоох омуктары кытта алтыһыылара көстөрө, кинилэр илдьэ кэлбит омуктарын култуураларыгар Олоҥхоҕо ыйыллар сюжеттар (түгэннэр) аһыллыы театрализованнай көрдөрүүтүгэр арыллыахтаахтара бэлиэтэнэр. Ол иһин бу сылларга күүскэ норуот фольклорун көрүҥнэрин сайыннарыыга үлэ барыахтаах (тойук, дэгэрэҥ ырыа, чабырҕах, олоҥхолортон быһа тардан толоруу, хомуска, саха музыкальнай инструменнара, ордук кырыымпа доҕуһуолунан толоруу уо.д.а.).
— Бу үлэлэр кыра оҕо иитиллэр уһуйааннарыттан саҕалаан, оскуола үөрэнээччилэрин, улахан дьон интэриэһин тардан дьарыктыыр ордук олус наадалаах. ”Туллукчаана” оҕо уһуйаан үлэһиттэрин кытта бэрт көхтөөх кэпсэтии буолла, манна оҕону кыра сааһыттан олоҥхону өйдүүр-билэр гына кинилэр саастарыгар ылынар, сатаан үөрэтэр кыахтарыгар сөптөөх бырагыраама наадатын кэпсэттибит, урукку өттүгэр сайыннарыыны өссө дириҥэтэр кэм кэлбит эбит. Бу оҕо уһуйаанын кэлэктиибин Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Галина Максимовна Винокурова ситиһиилээхтик салайар, улууска биир айымньылаах үлэлээх тэрилтэнэн ааҕыллар, манна үгүстэрэ үлэлэригэр баай уопцттаах исписэлиистэр үлэлииллэр. Кинилэргэ быйыл Амма ыһыаҕар сылдьан аҕалбыт оҕо уһуйааныгар аналлаах методическай матырыйааллаах кинигэни туттардым, манна түөрт Амма олоҥхоһуттарын олоҥхолоруттан оҕо толороругар сөптөөх сценарийдар киллэриллибиттэр.
— Биир эмиэ интэриэһинэй кэпсэтии КЭЦ Күөрэгэй саалыгар төгүрүк остуол тула ыытылынна, онно нэһилиэк уопсастыбаннай актыыбын чилиэннэрэ, тэрилтэлэр бэрэстэбиитэллэрэ кыттыы ыллылар. Бу дьон нэһилиэктэрин олоҕор саамай төһүү күүс-көмө буолар олоххо уопуттаах, нэһилиэккэ ытыктанар дьон муһуннулар. Бу кэпсэтиигэ улууспут бэчээтигэр тахсар тэрээһин үлэлэрин хаамыытын истэ-билэ олороллорун тула кэпсэтии буолла, ол эбэтэр Олоҥхо ыһыаҕар тутуу боппуруоһа салҕыы сайдыыта, онно кэлэр сыл саҥатыгар Дьокуускайтан архитектордар хамаандалара кэлэн, үлэ былаана чопчуланыахтааҕа, инникитин Арчы дьиэтэ тутуллуута, кэлэр сылларга улуус култууратын сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит үлэһиттэргэ аналлаах искибиэр, араас тэрээһиннэр ыытыллар былаһааккалара, улуустааҕы киин библиотечнай систиэмэтэ Ульяна Алексеевна аатынан буолан, инники өттүгэр саҥалыы бэчээттиир технология киллэриллэн, олохтоох сиргэ кинигэ массабайдык бэчээттэнэригэр олук ууруллуоҕа.
— Үйэҕэ хаалар гына Сахабыт сирин үрдүк кылаастаах модельера Августина Филиппова сөбүлэһэн “Халыма Эбэ” көстүүмэ тигиллиэхтээҕэ былааннанар эбит.
— Улууска ат сүүрдүүтүн ыытарга ипподром Налимскай бөһүөлэгин сөмөлүөт былаһааккатын саҥардан, тутуу ыытыллыыта. Улахан форматтаах, киэҥ ис хоһоонноох үйэ-саас тухары хараллар ис хоһоонноох кинигэлэр бэчээттэниилэрэ былааннанарын иһитиннэрии, онно бары нэһилиэктэртэн мунньуллан “Халыма номохторо “диэн кинигэ бэчээккэ тахсарын бэлэмнииргэ Халыма номохторо, остуоруйалара, үһүйээннэрэ, үгэлэрэ , таабырыннара, чабырҕахтара уо.д.а. түөлбэлээн олорор норуот айымньытын үйэтитиигэ үлэлэһиигэ хас нэһилиэк ахсын эппиэттээх киһи түмэн, улуус киинигэр туттарыы булгуччулааҕа бэлиэтэннэ.
— Итини таһынан, сахалыы таҥас-сап, ханна да атын улуустарга суох Халыма дьахталлара сайын кэтэр кэлиэплик (чаркы) этэрбэстэрин тигиитин тилиннэрии, араас сахалыы кыбытык тигиини сайыннарыы, сиэл оҥоһуктары, сахалыы иһит-хомуос, ордук мас чороон, кытыйа уо.д.а. хас биирдии саха ыала оҥосторо, дэлэтэрэ булгуччулаах буолар.
— Биэ кымыһын оҥорууга ылсыы, Халыма норуотун арыый умнууга хаалбыт аһын тилиннэрии, технологияларын тупсарыы. Дьиктилээх умнуллубут, хатарыллыбыт убаһа этэ хайдахтаах курдук иҥэмтэлээҕин, минньигэһин кэпсэттилэр.
— Инникитин тимир, мас уустарын дьарыгын сайыннарыыга үлэ киэҥник барыахтаах. Араас киэргэл (кыһыл, үрүҥ көмүстэн, муостан) оҥоһуктарга маастардары үүннэрии.
— Ат киэргэлин оҥоһуктарыгар үлэ эрэйиллэр: Халыма сахаларын атын ыҥыыра, киэргэлэ ураты. Холобур, Халымаҕа туттуллар ат ыҥыыра ханнык да сиргэ суох, түүр да омуктарга аттарын киэргэллэрэ атын, олору көрдүүр, булар, оҥорор үлэ барыахтаах. Олус үөрүүлээх түгэн буолла: былыргы өбүгэлэрбититтэн хаалбыт, кыһыҥҥы ат ыҥыырын булан ыллыбыт, өбүгэлэрбит көмөлөһөр курдуктар, аны ону чөлүгэр түһэрэр үлэ барыахтаах.
— «Күөрэгэй» култуурунай киин кэлэктиибин кытта көрсүһүүгэ, дириэктэр Мария Юрьевна Третьякова кыттыыны ылла. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска биллэр талааннаах фольклорист буолар. Өр сылларга «Көлүкэчээн» фольклорнай ансамбылыгар оскуола оҕолорун саха култууратыгар утумнаахтык уһуйан, киниэхэ дьарыктаммыт оҕолортон сэттэ оҕо төрүт култуура үөрэҕэр салҕыы үөрэнэн, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Мария Юрьевна 2012 с. Халыма олоҥхоһута Порфирий Назаров «Мас батыйа Бухатыыр» олоҥхону туруоран, өрөспүүбүлүкэҕэ биллибитэ. Кини кэлэктиибэ былаана киэҥ, кэлэр сылга диэри нэһилиэктэригэр, улууска ханнык үлэни ыыталларын, тугунан кытталларын былааннаналлар. Ол курдук кэлэр сылга ити олоҥхону саҥалыы туруоран, Орто Халымаҕа көрдөрөр санаалаахтар. Ону таһынан, олохтоох театральнай кэлэктиип «Норуот театра» аатын көмүскүүр былааннаах. Онон кинилэри инники улахан үлэ күүтэр.
— Бу сылдьан урукку 1970-с сылтан 2000-ча сыллаахха диэри сценаттан түспэтэх, художественнай самодеятельность бэтэрээнэ, чабырҕах маастара Евдокия Николаевна Бубякинаны кытта көрүстүм. Кини билигин 86 саастаах, ыарытыйар да буоллар Олоҥхо ыһыаҕар үлэ ыытылларын истэн, уруккуну сэһэргэһэн, тэттэн, үс араас чабырҕаҕын этэн соһутта. Хас биирдии нүөмэрин 1,5-2 мүн. өйүттэн аахпытын, суотабай төлөпүөҥҥэ уһулбутум («Дьаабы киһи», «Күлүк күрүө», «Аргыһыттар мэтириэттэрэ»). Евдокия Николаевна бэрт элбэхтик сценаҕа толорбут, гастролга сылдьыбыт киһи буолар, кини ити талаана аҕата Николай Константинович Третьяковтан бэриллибит эбит. Кини олоҥхоһут, хомусчут, үгэһит быһыытынан биллэн, кинигэҕэ суруллубута туоһулуур. Оттон балта Елена Николаевна тыыннааҕар өр сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр оһуохайдьыт этэ.
— Сырыым туһунан бэлиэтээһиннэрим хаһыат сирэйигэр баппатынан, сүрүн эрэ өттүн сырдаттым. Түмсүүлэр түмүктэринэн олохтоохтор баҕа санааларын тиэртилэр, ол курдук:
1. Бэйэни көрдөрөн, атыттары көрөн, уопут атастаһар ордук диэн, улуус киинигэр кэмиттэн-кэмигэр фольклор жанрдарыгар бэстибээллэри, күрэхтэри ыытар тоҕоостооҕун бэлиэтээтилэр.
2. Хас биирдии урбаанньыттар нэһилиэктэринэн маҕаһыыннарыгар миэтэрэлээх таҥас-сап, киэргэлгэ туттар тимирдэри, оҕуруолары аҕалан атыылыыллара буоллар, бу тирээн турар хамсааһын кэмигэр олохтоох маастардар көстүүм арааһын тигэллэригэр көмө буолуо этэ.
3. Улууска ыытыллар оҕо норуот айымньытыгар «Туундара туллуктара» күрэҕэр фольклор көрүҥнэрин туспа көрүүнү көрдөстүлэр. Билиҥҥи ирдэбил 3-4 эрэ мүн., ол олус кылгас, ити кэмҥэ ханнык да айымньыны ситэри тиэрдиллибэтин бэлиэтээтилэр уо.д.а.боппуруостарга тохтоотулар.
Маннык да кэпсэтэ олорон, бу инники ыытыллар улахан Ыһыахха бэлэмнэниигэ ылсар санаалаахтара хайҕабыллаах. Олохтоохтор Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар тэрээһинигэр өбүгэ үгэстэрин санатан, өй-санаа угалларыттан астынным. Онон кыраттан да саҕалаан тэрээһин тиллэн-төрөөн иһиэн сөп.
Олохтоох эрэдээксийэҕэ сэтинньи ыйга Халыма олоҥхоһуттарын кинигэтэ тахсаары бэчээккэ бэлэмнэниллэр. Онно түөрт толору тиэкистээх олоҥхолор киирдилэр. Кинигэ күн сирин көрдөҕүнэ, нэһилиэктэринэн туһааннаах тэрилтэлэргэ түҥэтиллиэҕэ. Онон бэйэбит ийэ олоҥхоһуттарбыт:
• Иван Оконешников «Эрбэх үөһэ биэстэ эргийбит Эрбэхчин Бэргэн» (Памааскын уч.);
• Порфирий Назаров «Мас батыйа Бухатыыр» (Ойуһардаах бөһ.);
• Константин Третьяков «Үс уоллаах Лабаҥхачаан оҕонньор» (Арҕахтаах бөһ.);
• Василий Лаптев «Күн Мөҥүрүөн икки, Күн Тэйгэл эмээхсин икки» (Орто Халыма к.) айымньыларын кытта билсиһэр кыахтаныахпыт.
Ааптар: Ольга Винокурова, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ