Өлөөкө Күөл бөһүөлэгэр улуустааҕы волейбол күрэҕэ ыытылынна

Олунньу 16-17 күннэригэр Өлөөкө Күөл бөһүөлэгэр улуустааҕы волейбол күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэх биһиги биир дойдулаахпыт, аймахпыт, бииргэ үөрэммит доҕорбут, дьүөгэбит Сивцева (Гуляева) Александра Пантелеймоновна 50 сааһыгар  сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах буолла. Эрдэ биллэһиллибитинэн, күрэхтэһиигэ 40 саастарыттан үөһэ дьон кытыннылар.

Уопсайа 10 хамаанда: Хатыҥнаахтан, Орто Халыматтан, Налимскайтан, Ар5ахтаахтан, Сыбаатайтан, Эбээхтэн кэлэн күөн көрүстэ.

Икки күннээх эрийсиилээх оонньуу түмүгэр кыайыылаахтар маннык быһаарылыннылар, эр дьоннорго: I миэстэ — Сыбаатай, II миэстэ — Орто Халыма, III миэстэ — Өлөөкө Күөл; дьахталларга: I миэстэ — Орто Халыма «Олимп», II миэстэ — Өлөөкө Күөл, III миэстэ — Сыбаатай.

Маны таһынан, анал ааттар ааттаннылар. Ол курдук: «Бастыҥ көмүскээччилэр» буоллулар — Винокуров Иван (Орто Халыма), Семенова Анна (Өлөөкө- Күөл). «Бастыҥ сибээстээччилэр» буоллулар — Винокуров Алексей (Өлөөкө Күөл), Шульган Пелагея (Орто Халыма «Олимп»). «Бастыҥ кимэн киирээччилэр» — Тырылгин Николай (Сыбаатай), Жиркова Елизавета (Орто Халыма «Олимп»). «Бастыҥ оонньооччулар» — Дягилев Андрей (Орто Халыма), Третьякова Сардаана (Сыбаатай).

Кыайыылаахтар бары Александра Пантелеймоновна мөссүөннээх өйдөбүнньүк мэтээл кэттилэр, анал ааттаахтар бары кубок туттулар. Чемпионнар Александра бииргэ төрөөбүттэрэ олохтообут 30 000 солк. харчынан бириэмийэлэннилэр,оттон призердарга уонна анал ааттаахтарга олохтоох тэрилтэлэр, Александра бииргэ үөрэммит доҕотторо олохтообут харчынан бириэмийэлэрэ туттарылынна. «Саамай ыраахтан кэлбит» анал аат Александра аймахтарын аатыттан Хатыҥнаах хамаандатыгар 18 000 солк. харчынан, Александра кырдьаҕас эдьиийэ Эбээх  бөһүөлэгэр олорор Слепцова  Мотрена Николаевна «Саамай саастаах оонньооччу» анал бирииһин Арҕахтаахтан кэлбит 68 саастаах Созонов Иннокентий Иннокентьевич ыллылар. Александра үлэлээбит тэрилтэтэ улуустааҕы Почта России икки бирииһин Сыбаатай уонна Орто Халыма толору хамаандалаах кэлэн ыллылар.

Күрэхтэһии бастакы күнүгэр киэһэ «Күөрэгэй» КЭК-ҥэ «Хаҥалас» түмсүү уонна кэлбит ыалдьыттар эҕэрдэ нүөмэрдээх кэнсиэрэ элбэх киһини түмтэ. Иккис күнү түмүктүү Александрабытын ахтан-санаан ааһаары итии чэйдээх, мааны астаах сандалылаах биэчэр тэрилиннэ. Шурикпыт спорт араас көрүҥнэригэр дэгиттэр кыаҕын, баҕатын, элбэх көрүдьүөстээх кэпсээҥҥэ киирбит түгэннэрин санаан,кэпсээн,күлэн, оонньоон, ыллаан, астынан киэһэбитин атаардыбыт. Сырдык киһи санаатыныы тэрээһиннэрбит бэрт сэргэхтик, санааҕа чэпчэкитик былаан быһыытынан аастылар.

Күрэхтэһиигэ кыттааччылартан хомуллубут взнос харчыта Третьяков Василий уонна Мария кыра кыыстара Валерия эмтэнэригэр көмө быһыытынан ананна.

Кэлбит, кыттыбыт ыалдьыттарбытыгар, спортсменнарбытыгар, өйдөөн-өйөөн көмөлөспүт тэрилтэлэрбитигэр тэрийээччилэр ааттарыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Ааптар: «Хаҥалас» түмсүү аатыттан И.Ноговицына, Өлөөкө Күөл бөһ.

Читайте дальше