Егор Константинов: Олохтоох дьон үлэлиирэ бары өттүнэн табыгастаах

ААУо «КЕН и Компаньон» тэрилтэ улуус сайдыытын туһугар үлэтин 2004 сыллаахха саҕалаабыта. Тэрилтэ, бу күннэргэ Мировой суут дьиэтин күлүүһүн туттараары үлэтэ күөстүү оргуйар. Онон, хаарбах туруктаах аатыран, өр сылларга бырах турбут улуустааҕы Поликлиника дьиэтэ саҥалыы тыыннанан, түннүгэ сандааран, киһи билбэт эбийиэгэ буолан эрэриттэн киһи үөрэр. Үлэ барылын туһунан тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ Егор Николаевич Константиновы кытта кэпсэттибит.

Барыта кыраттан саҕаланар

Тутуунан 2017 сыллаахтан дьарыктаммыппыт. Маҥнай погрузчик ылбыппыт, гравий, кумах оҥорууга лиссиэнсийэ оҥостубуппут. Орто Халыма куорат дьаһалтатын кытта дуогабар түһэрсэн, суолу-ииһи тэҥниир, тутуулар ыытыллыахтаах сирдэрин оҥорон, көннөрөн, тэҥнээн саҕалаабыппыт. Ол курдук Баһаарынай ДЕПО, «Якутопторг» миэстэлэрин бэлэмнээбиппит, Нефтебаза 5 улахан емкость туруохтаах миэстэтин дэхсилээбиппит, үлэ билигин да ыытыллар. 2022с. «Аартыка суоллара» тас иэнэ эрэ оҥоһуллан турар гарааһын ылсан, хочуолунайын кытары ситэри оҥорон үлэҕэ киллэрбиппит. Ааспыт сайын Орто Халыматааҕы орто оскуола эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн оҥорон, болдьоҕор туттарбыппыт. Күһүн кииннэммит балыыһаҕа кэбиниэттэри оҥорбуппут, билигин оҕо консультациятын отдела буолан үлэлиир. Билигин улуустааҕы поликлиника эргэ эбийиэгин саҥардыы өрөмүөнүн ыыта сылдьабыт. Муостатын көннөрөн, ититэн, истиэнэлэрин бүттүү саҥардан, саҥа уот-күөс, ититэр ситим, баһаарынай сигнализация тардан, саҥа ааннары туруоран, киирии кирилиэһин оҥорон, үлэ түмүктэнэр түһүмэҕэ ыытыллар. Кулун тутарга Мировой суут үлэҕэ киириэхтээх. Үлэни 5 олохтоох уол толорор.

Күһүн 4 тиэхиньикэ турар гарааһын (180 кв.м. иэннээх) туттан киирбиппит. Гарааспытын экиспэримиэннээн, тутууга саҥа сүүрээни киллэрэн чинчийэн көрдүбүт. Ол курдук ититиитин, 12 киловаттаах электрическэй хочуолунан киллэрэн, муостатыгар, бетон иһинэн туһунан ыыттыбыт. Ахсынньы томороон тымныытыгар кэтээн көрүүбүтүнэн, 6-8 киловакка холбонон туран, төлөбүрэ 34тыһ. тэҥнэстэ. Бу ОДьКХ төлөбүрүнээҕэр быдан чэпчэки буолла. Онон маннык ньыма быдан ордук диэн гараастаах тэрилтэлэргэ сүбэлиибит.

Дойдутун олохтоох киһи сайыннарыахтаах

Үлэбит биир сүрүн хайысхата — үлэ миэстэтин таһааран олохтоох уолаттары үлэлэтии. Олохтоох киһи үлэлээн-хамнастанан, дьоҕурун арыйан, төрөөбүт улууһун сайыннарыыга дьулуһуохтаах. Кистэл буолбатах, тутууга үксэ кэлии дьоно үлэлиир, өҥөтүн толорор да барар. Тоҕо бэйэбит оҕолорбут үлэлиэ суохтаахтарый? Үөрэттэххэ, киһи сатаабата суох. Уолаттарым истиэнэни штукатуркалыыры, шпаклевкалыыры оҥорорго үөрэннилэр, сатабылын кыайдылар, үлэлээн уопутуран иһиэхтэрэ, быйыл шлакоблок оҥорууну баһылыахпыт. Илиитигэр талааннаах уол элбэх эбээт. Уопут үлэлээтэххэ кэлэр.

Сайдыыны саҕар инники былааннар, баҕа санаалар.

Өҥөнү олоххо киллэрэргэ бастаан бырайыагын көмүскээн куонкурус, тендер, аукцион ааһыахтааххын. Онно сытар сүрүн тирэҕэ. Онон былаан ыларга уустуктардаах. Биһиги улууспутугар анал прораб, инженер-тутааччы суоҕа атахтыыр. Быйылгы биир сүрүн ситиһиибитинэн экскаватор ыллыбыт. Кыһыҥҥы суолунан тиэллэн кэлэн, саас гравийы, кумаҕы бэлэмниир тустаах үлэтин саҕалыаҕа. Маны сэргэ шлакоблок оҥорор тээбирин ылбыппыт, онон быйылгыттан шлакоблочнай тротуарнай билиитэни оҥорон, суол-иис тупсуутугар үлэлиир баҕа санаалаахпыт. Бөдөҥ бырайыактартан, Сыбаатайга оскуоланы, өрүс биэрэгэр Кыайыы болуоссатын, оҕо былаһааккатын, дьон аралдьыйар миэстэлээх дьоҕус тэрилтэлэр уопсай кииннэрин, кииннэммит балыыһа гарааһын, морг уо.д.а. тутуутун ылсар баҕа санаалаахпыт. Ыраас уулаах өрүс үрдүгэр олорорбутунан, бассейннаах эбийиэк баар буолуохтаах дии саныыбын.

Егор Николаевич «КЕН и Компаньон» тэрилтэтэ, аҕыйах кэм иһигэр суолталаах улахан бырайыактары олоххо киллэрбитинэн киэн туттуохха эрэ сөп. Маннык, хоту дойду усулуобуйатын ис туругун, кыһалҕатын билэр, миэстэтигэр дьиэлээх-уоттаах, оҕолоох-уруулаах, олоҕу-дьаһаҕы өйдүүр киһи үлэлиирэ элбэҕи быһаарар буоллаҕа. Тутуу хампаанньатыгар ситиһиини, бу курдук, ылсыбыт дьыалалара олоххо киирэн, бэйэ дьонун үлэлэтэн, улууспут социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар төһүү күүс буола турарыгар баҕарабыт.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Хаартыска: Хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар эбийиэгэ / Алена Кокорина

Читайте дальше