Быйылгы сыл Дойду үрдүнэн уһуйааччы уонна аҕа сүбэһит, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сылынан биллэһиллибитэ. Уһуйааччы – оҕоҕо сөбүлүүр идэтин таларыгар, анаммыт дьоҕурун сайыннарарыгар сөптөөх суолга сирдиир киһинэн буолар.
Биһиги улууспутугар талбыт идэлэрин баһылаан, олохторун устата идэлэрин өрө тутан үлэлии сылдьар, үлэ уруогун учуутала элбэх. Улуус сайдыытыгар, технология, эбии үөрэхтээһин учууталлара улахан өҥөлөөхтөр. Ханнык баҕарар омук бэйэтин дьоҕура күүскэ сайдарын ситиһэр, ону оҕоҕо уһуйан, үгэс үөрэҕин сайыннаран, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдии бу кэм ирдэбилэ буолла. Лина Петровна Николаева, Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа 1986 сылтан технология (үлэ) уруогун үөрэтэр. «Үөрэх» национальнай бырайыак олоххо киирэн, быйыл саҥа кэбиниэти тутан тэтимнээх үйэни баттаһа, билиитин кэҥэтэн оҕолору араас дьоҕурга уһуйар.Алаһыай орто оскуолатыгар Мария Васильевна Горохова, үлэтин настаабынньыгыттан Любовь Дмитриевна Аргуноваттан туппута. Бу сыллар тухары кинилэр баай уопуттарынан, ураты көрүүлэринэн, элбэх кыыс оҕо сайдан, дьоҕура арыллыбыта, олоххо бэлэмнээх тахсыбыта буолуо.
Татьяна Дмитриевна Бекренева Сылгы Ыытар оскуолатыгар уонна уһуйааҥҥа, оҕо айар дьоҕурун сайыннарар айымньылаах үлэтин 1980 сыллаахтан саҕалаабыта. Кини «СӨ үөрэҕириитин туйгуна», элбэх өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустар кыайыылаахтарынан буолар.
Налимскай орто оскуолатыгар Валентина Николаевна Павлова 1993 сыллаахтан уруһуй уонна технология уруогун салайар. Кини үөрэтэр оҕолоро улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллар күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кытталлар. Быйыл Валентина Николаевна «Учитель дарующий прекрасное и мудрое» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска «Учитель- наставник» номинацияҕа тиксибитэ.
Хатыҥнаахха Евдокия Алексеевна Кудрина идэлээх үлэтин 1995 сыллаахха саҕалаабыта. Кини нэһилиэккэ буолар араас күрэххэ, куонкурустарга уһуйуллааччыларын кытта куруук көхтөөхтүк кыттан олохтоохтор биһирэбиллэрин ылар.
Березовка национальнай оскуолатыгар Анастасия Ивановна Садовникова 2010 сыллаахтан үлэлиир. Кини үлэтэ Дьокуускайдааҕы национальнай художественнай түмэлгэ «Сирэктэ – нить связующая века» быыстапкаҕа турбута. 2022 сыллаахха Москубаҕа БСНТХБ быыстапкатыгар «Сокровища Севера» кыттыбыта. Үөрэтэр оҕолоро Дойду, өрөспүүбүлүкэ, улуус быыстапкаларын кыайыылаахтара, призердара. Өлөөкө Күөллээҕи агро хайысхалаах орто оскуолаҕа Варвара Иннокентьевна Винокурова 2001 сыллаахтан үлэлиир, кыргыттарга кыл-сиэл хатыытыттан саҕалаан, араас кэрэ оҥоһуктары оҥорорго үөрэтэр, араас сонун ньымалары туһанар. Кини «СӨ норуотун идэтин маастара». Үөрэнээччилэрэ улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх үрдүк ситиһиилээхтэр. Ойуһардаах орто оскуолатыгар 12-с сылын Вера Николаевна Волкова үлэлиир. Үөрэнээччилэрэ «Үөрэх» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар «Колыма Скилс-2023с.» куонкурус призердара, олимпиадалар ситиһиилээх кыттааччылара. Сыбаатайга Римма Михайловна Слепцова 10-с сылын кыыс куолары уонна кинилэр төрөппүттэрин кытта ситиһиилээхтик үлэлиир.
Эбээх орто оскуолатыгар Екатерина Алексеевна Богатырева, Макар Михайлович Слепцов эдэр учууталлар, быйылгы үөрэх сылыттан аныгы бырагырааманы баһылаан үлэлэрин бэркэ ылсан эрэллэр.Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа Сергей Олегович Алексеев үлэ уруогун таһынан «Точка роста» бырагырааманан, уол оҕолору робототехникаҕа уһуйар. Оҕолор элбэх үрдүк ситиһиилэрдээхтэр. Маны таһынан оҕолор маһынан уһаналлар. Саҥа дьыл бырааһынньыгар кини оҥорбут хаар оҥоһуктара, оскуола, куорат тэрилтэлэрин киэргэтэллэр. Арҕахтаахха 22 сыл педстажтаах үрдүк категориялаах Николай Михайлович Иванов Дойдубут бэрэсэдьиэнин В.В.Путин Гранын кыайыылааҕа, «Радуга Севера» өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка «Муҥутуур кыайыылаах» номинация уонна Арассыыйаҕа «Палитра ремесел» анал бириис кыайыылааҕынан буолар.
Ойуһардаах орто оскуолатыгар 2004 сылтан Владимир Владимирович Батюшкин уолаттары уһуйар, элбэх бырайыактарга кыттар, «Сыл учуутала- 2023» куонкурус кыттыылааҕа. Улуустааҕы гимназия технологияҕа учуутала Сергей Макарович Кузьмин 2009 сылтан уолаттарга эбии үөрэхтээһини ыытар. Кини оҕолоро маһынан, тимиринэн уһаналлар. Уолаттар көрдөрүүлээх үлэлэринэн (чорооннорунан, шкатулкаларынан) быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кытталлар.
Өлөөкө Күөллээҕи орто оскуолаҕа Василий Васильевич Винокуров уонна Сыбаатайдааҕы орто оскуолаҕа Артем Альбертович Сергеев үлэлииллэр. Уол оҕону иитэр учууталлар, оҕо олоххо бэлэмнээх тахсарыгар олук уурар, дьоһуннаах үлэһит буола үүнэллэригэр-сайдалларыгар төһүү күүс буолаллар.
Дойду бэрэсэдьиэнэ В.В.Путин көҕүлээһининэн төрүттэммит «Үөрэх» национальнай бырайыак, ыччаты сайдыылаах уонна социальнай өттүнэн эппиэтинэстээх буола иитэн таһаарарга, технология уонна эбии үөрэхтээһин сайдыытыгар, Федеральнай бырайыактарга тирэҕирэн үлэлииргэ олус суолталаах кыах биэрдэ. Биһиги, айылҕаттан бэриллибит ураты дьоҕурдаах, туһунан көрүүлээх уһуйар иитэр аналлаах дьон, норуоппут духуобунаһын, омукпут култууратын, сиэр-майгы сыаннастарын, устуоруйабытын, ыччакка хаалларар ытык эбээһинэспитинэн буолар. Биир идэлээх уһуйааччыларбар, аҕа сүбэһиттэргэ айымньылаах үлэлэригэр саҥаттан саҥа сүүрээннэри, киэҥ далааһыннаах арыйыылары, тус олохторугар дьолу-соргуну баҕарабын.
Н.И.Шарин аатынан
Орто Халыматааҕы
орто оскуола эбии үөрэхтээһинин учуутала
Маргарита Лаврентьевна Волкова