Сэтинньи 12 күнүттэн улуус нэһилиэктэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай быраастар биригээдэлэрэ үлэлээтэ. Ый ортотугар, мобильнай биригээдэ исписэлиистэрин иккис бөлөҕө куорат олохтоохторун көрө-истэ кэлэллэрэ былааннанар. Маны сэргэ сэтинньи 26 күнүттэн, 10 хонук, хирург быраастар кэлэн үлэлээн бардылар.
6 исписэлиистээх биригээдэ араас таһымнаах уустук эпэрээһийэ оҥордо. Дьонтон анаалыс ыллылар, сүбэ-ама, мэктиэлээһин биэрдилэр. Тустаах биригээдэ 2025 сыл муус устарыгар кэлэрэ былааннанар.