Мин эһэм, Еремеев Николай Александрович, 65 саастаах. Кини – сылгыһыт. Эһэм, кинини өйдүүрүм тухары куруук ат мииниилээх, сылгы сиэтиилээх буолар. Мин эһэбиттэн кини үлэтин туһунан ыйыталастым.
Эһээ, эн тоҕо сылгыһыт буолбуккунуй?
Мин, 1976 сыллаахха, «Алаһыай» сопхуос саҥа тэриллибит кэмигэр, Арҕахтаах орто оскуолатын бүтэрэн кэлбитим. Бииргэ үөрэммит оҕолор 11 буолан, төрөөбүт нэһилиэкпитигэр саҥа сопхуос бастакы оробуочайдара буолан кэлбиппит. Кыргыттарбыт ыанньыксыт, ньирэй иитээччи, уолаттар от биригээдэлэригэр ананан барбыттара. Миигин, Дьархаттаахха сылгыһыт буоларга, сөбүлэҥмин ылтара.
Ол саҕана оҕолоргуттан арахсан, туспа барарга куттаммакка сөбүлэспитиҥ?
Үлэһит киһи буолбут буолан сөбүлэстэҕим дии. Эбэм М.Г.Софронова-Санникова аҕата элбэх сыспай сиэллээҕи ииппит, тарҕаппыт, оччотооҕуга сылгынан орто баай киһи эбит. Эһэм Н.И.Санников аҕата Усуйаана Казачье сэлиэнньэтиттэн бандьыыттар сойуолааһыннарыттан куотан, кэргэнин икки оҕотун кытта, атынан айаннаан бу сиргэ кэлэн олохсуйбут. Сылгыны үчүгэйдик билэр, сыстаҕас буолан итиччэ ыраах сиртэн этэҥҥэ айаннаан кэлбитин сөҕөбүн, киэн тутта саныыбын. Онон, хааммар бэрт ыраахтан Дьөһөгөй оҕотунуун туох эрэ сибээстээх буоламмын сөбүлэспитим буолуо.
Оччоҕо сылгыны уруккуттан таптыыр этиҥ дуо?
Сылгыга тардыһыым кыра сааспыттан баара. Аҕабыт «Колымторга» үлэлиир кэмигэр биир олус сымнаҕас, өйдөөх аттаах этэ. Бу аты бырааппын кытта көлүнэр, мэҥэстэр, сиэллэрэр, сүүрдэр этибит. Аны санаатахха, сынньаппакка муҥнуур да эбиппит. Хааммар да баарыттан буолуо, сылгы барахсаны олус таптыыбын.
Оттон үлэҥ туһунан кылгастык тугу кэпсиэҥ этэй?
Сылгыга үлэлээбитим 44 сылын ааста, өссө да кыах баарынан тугу эрэ туһалаабыт киһи диэн баҕа санаалаахпын. 22 сыл сылгы биригэдьииринэн сэттэ дириэктэри кытта бииргэ үлэлээбит кэмнэрдээхпин. Аан бастаан ыарахаттары туоруурбар, биһиги кэккэбитигэр билигин суох, кырдьаҕас көлүөнэ ытык дьонун сүбэтэ-амата улахан көмө-өйөбүл буолбута. Кинилэри кытта бииргэ алтыспыт, элбэххэ үөрэммит, буоламмын, бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын. Сылгыһыт идэтэ таһыттан көрдөххө судургу курдугун иннигэр, ис иһигэр киирдэххэ олус түбүктээх, уустуктардаах идэ буолар. Маны ис дууһатыттан сылгыны таптыыр, сыстаҕас киһи эрэ кыайар кыахтаах.
Билиҥҥи эдэр дьоҥҥо, сылгыһыт буолар баҕа санаалаах ыччакка тугу сүбэлиэҥ этэй?
Эдэр көлүөнэ дьонум, ханна да сырыттаргыт төрөөбүт дойдугутун, дьоҥҥутун, биир дойдулаахтаргытын кытта сибээстээх буолуҥ, ытыктааҥ, туһалааҕы оҥоро сатааҥ. Туруулаһан туран үөрэниҥ, үлэлээҥ! Кыраттан санааҕытын түһэримэҥ. Сыыһыахпыт диэн куттанымаҥ. Сыыһан-сыыһан киһи үөрэнэр, бастаан сыыһыаҥ, онтон табыаҥ, үлэ бэйэтэ үөрэтэн иһиэҕэ. Син биир хаһан эрэ сир, буор, салгын иччигит сөптөөх суолга тардыа. Үөрэхтэнэн, төрөөбүт түөлбэҕитигэр төннөн үлэ дьонун, аҕа көлүөнэни солбуйуҥ, дьиэ-уот тэриниҥ, олоҕу салҕааҥ, дойдугутун сайыннарыҥ. Бу буолуоҕа, төрөөбүт дойдуга иэс төлөһүү.
Бу курдук мин эһэм, кырдьык да, сылгы диэн баран муннукка ытаабыт, олоҕун сылгыга анаабыт, Дьөһөгөй оҕотугар ис дууһатыттан ылларбыт идэтигэр бэриниилээх киһи. Кини итинник сыралаах үлэтэ сыаналанан, «Коммунистическай үлэ удаарынньыга», «СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна», «Тыа хаһаайыстыбатыгар эҥкилэ суох үлэтин иһин», «Бочуоттаах настаабынньык» бэлиэлэр, мэтээллэр хаһаайыннара буолар. Билигин да кыаҕа баарынан үлэлии-хамсыы сылдьар.
Убайым Коля эһэтин туйаҕын хатаран, сылгыһыт буолар баҕа санаалаах. Быйыл оскуолатын бүтэрэн, эһэтин сүбэтин-аматын ылан сылгыһыттыы сылдьар. Убайым сыспай сиэллээҕи, түөрэм туйахтааҕы төлкөлүүр, Дьөһөгөй оҕотун таптыыр сылгыһыт буолуо диэн эрэнэ саныыбын. Оттон, Уһук Хотугу улууска баар Халыма боруодата, сылгыны иитэр «Өлөөкө-Күөллээҕи сылгы собуота» таһаарыылаахтык үлэлии турарыгар, мин эһэм сэмэй кылаата баарыттан, таптыыр эһэбинэн киэн туттабын.
Люба Еремеева 7-с кылаас,
Өлөөкө Күөлэ бөһ.