Дьаһалта үлэһиттэрин ортолоругар өйдөтөр үлэни күүһүрдүөххэ

Олох хаамыыта сыыдам-сыйан, үөскүүр балаһыанньаны учуот- таан, сокуоннарга уларыйыы киирэ турар. Эбии көрдөбүллэр, төлөбүрдэр күөрэйэн соһуталлар.

Нэһилиэнньэ, ордук биһиги, саҥа технологиялар баһырхайдык сайдыыларын ситэр кыаҕа суохтар, саастаахтар, мунарбыт-тэнэрбит, буккулларбыт элбэх. Сокуон хараҕар баппакка үөскүүр араас кыһалҕабытын быһаартарар соҕотох эрэлбит – олохтоох дьаһалтабыт буолар.

Олохтоох дьаһалталар дойдубутугар 1991 сылтан тэриллибиттэрэ. Дьаһалталар сэбиэскэй кэмҥэ норуоту кытта алтыспатах,  бүддьүөккэ үлэлээбит, буукубаны, сыыппараны наардаабыт, отчуоту таҥара оҥостубут исписэлиистэринэн, суот-сурук үлэһиттэринэн таҥыллыбыттара.

Бу – биэнсийэҕэ бара илик халыҥ араҥа, хамнаһы кытаахтаһан үлэлээн сылдьара бааламмат, өйдөнөр дьыала.  Ол гынан баран кинилэр дьон кыһалҕатын аахайбаттара, отчуоту эрэ өрө тутуулара,  үрдүкү салалтаҕа эрэ үлэлээн олороллоро эдэр исписэлиистэргэ бэриллэрэ күүһүрэн иһэрин бэлиэтээбэт буолар сатаммат.

Олохтоох бэйэни салайыныы туһунан Арассыыйа Конституциятыгар 1993с. киллэриллибитэ. Онно: «Олохтоох дьаһалта үлэһитэ хас биирдии киһи быраабын, көҥүлүн өрө тутуохтаах. Киһи, уопсастыба, судаарыстыба олоҕо тупсан иһэрин туһугар бары күүһүн ууруохтаах», — диэн сурулла сылдьар. Конституция үрдүк ирдэбилин дьэҥкэтик билэр уонна туһааннаах үлэтин сүрүн сыалынан ааҕар хас исписэлиис баара буолуой? Бу ирдэбил дуоһунастаах эбээһинэстэригэр киирэ сылдьа-рын үгүстэр билбэттэр. Ол: «Мин эбээһинэһим буолбатах!» — диэн, тымныы уунан саба ыһардыы, муус ураҕаһынан үүрэллэрэ элбээбитигэр көстөр.

Дьаһалталар салалталара, бэйэлэрин үлэһиттэрин дьон кыһалҕатын болҕойон истэллэригэр, кыалларынан быһаара сатыылларыгар, кыаллыбатаҕына кэм эйэҕэстик кэпсэтэн санааларын көтөҕөн ыыталларын өйдөтөллөрүгэр, үөрэтэллэригэр баҕарабын.

Кимиэхэ даҕаны наадата суохпутун бэйэбит даҕаны бэркэ билэбит. Олох сокуонун хайыырбыт даҕаны суох. Баар эрэ эрэлбититтэн, дурда-хахха курдук сананар олохтоох дьаһалтабытыттан хомойон-хоргутан, кыһыйан-абаран тахсарбыт олус санаарҕабыллаах, кыһыылаах. Туох барыта иэстэбиллээх, сэттээх-сэмэлээх. Баҕар, бэйэбит эдэрбитигэр, көтө-мөҕө сылдьан, оччотооҕу саастаахтары аахайбатахпытыгар, сөптөөх көмөнү оҥорботохпутугар иэстэбилбит буолуо дуо, диэн кыбыстыы кутаа уота дууһабытын быһа хаарыйар…

Иннокентий Оконешников, 58 сыл үлэ ыстаастаах бэтэрээн