«Чөл олоҕу тутуһуу, уһун үйэлэнии» күрэх буолан ааста

Олунньу 28 күнүгэр ыаллыы сытар Сыбаатай бөһүөлэгин аҕа саастаахтарын (салайааччы Надежда Николаевна Гоголева) көҕүлээһиннэринэн, «Чөл олоҕу тутуһуу, уһун үйэлэнии» хамсааһын чэрчитинэн Саха  өрөспүүбүлүкэтигэр 5-с уонна 6-с  миэстэлээх  нэһилиэктэр икки ардыларыгар, успуорт 8 көрүҥэр (дартс, сыал ытыы, хабылык, хаамыска, саахымат, дуобат, теннис уонна волейбол) күрэх буолан ааста. 

Уопсай түмүгүнэн 5:3 очукуонан Сыбаатай хамаандата үөрүү өрөгөйүн  биллэ.

Ол кэннэ, Сыбаатай кулуубун үлэһиттэрин көҕүлээһининэн,  бөһүөлэктэн түөртүү киһи сэрэбиэйдээх паараларын булан, үс түһүмэхтээх «Соһуччу дуэт» ырыа күрэҕэ буолла. Бу  күрэххэ Евдокия Даниловна Ефимова уонна Екатерина Андриановна Михайлова дуэттара бастакы миэстэни ылла.

Кэлбит ыалдьыттар «Далбардар», «Айыллаана» үҥкүү ансаамбыллара, «Дьүрүлгэн» трио уонна да атын ылбаҕай ырыалаах кэнсиэртэрэ умнуллубат үтүө күнү бэлэхтээтилэр. Күндү биир үөлээннэхтэрбитигэр санаа атастастаһан, аралдьытан, сэргэхситэн, энергия бөҕөтүн бэрсэн, тэтиннэрэн барбыттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Аныгы сырыыга биһиги ыаллардыы, күрэстэһэ, кэнсиэртии барыах буоллубут.

Ааптар: Людмила Никитина, Эбээх бөһ.

Читайте дальше