Бүгүн биһиги улууспут эмиэ бастыҥнар истэригэр ааттанна

Ол курдук Амма сэлиэнньэтигэр ыытыллыбыт «Олоҥхо ыһыаҕар», «Олоҥхо персонажтарын ырыата-тойуга» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска, «Кулума» култуура киинин фольклор хайысхаҕа мэтэдииһэ Олеся Шевченко, СӨ үтүөлээх уонна үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Марина Валериевна Корнилова аатынан анал бириис хаһаайкатынан буолан анал кыраамататынан наҕараадаланна.

Санатан эттэххэ бу куонкуруска 700 кэриҥэ киһи кыттыыга сайаапка биэрбит.

Олеся Ивановна бу куонкуруска «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхоттон кыталык көтөр тойугунан кыттыбыта. Маны сэргэ кини «Дьүрүһүй Олоҥхо дойдутун хомуһа» уонна «Или-эйэни туойуохха, оһуокайдаан ойуохха» куонкурустарга кыттан улууһун ааттаппыта.

Эдэр талааннаах ыччаппытынан киэн туттабыт, айымньылаах эйгэлэригэр ситиһиини баҕарабыт.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше