Булчут 60 атыыр кустан, 20 хаастан уонна 10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах

Номнуо кыһыммыт ааһа охсон, сааскы ылааҥы күннэр тураннар, айылҕабыт барахсан уһуктан хайа баҕарар киһи сүргэтин көтөҕөр.
Сааһы кытта эр дьоҥҥо кэтэһиилээх булт кэмэ чугаһаан, тарбахха ааҕыллар күннэр хааллылар. Ол иһин да буолуо, бу күннэргэ эр дьон кэпсэтиилэрин сүрүнэ булт-алт туһунан буолбута мэлдьэҕэ суох. Онон хаһыаппытыгар бүгүн булт сокуоннарыгар, быраабылатыгар туох уларыйыылар киирбиттэрин туһунан улууспутугар Айылҕа харыстабылын инспекциятын салайааччытын солбуйа сылдьар Алексей Аркадьевич Тойтонову кытта сэһэргэһиибитин таһаарабыт.
Алексей Аркадьевич, быйыл сааскы кустааһыҥҥа чопчу туох уларыйыылар киирдилэр?
Быйылгы сааскы кустааһын былырыыҥҥытааҕар болдьоҕо уратылардаах буолла, ол курдук иитиэх тыһы ыҥырар куһунан (подсадная утка) атыыр кустары бултааһын муус устар 21 күнүттэн бэс ыйын 10 күнүгэр диэри диэн болдьохтонно. Иитиэх куһа суох урукку сылларга курдук уу көтөрүн, куһу-хааһы киллэрэн туран бултааһын ыам ыйын 10 күнүттэн 19 күнүгэр диэри болдьохтонно, итиннэ уларыйыы тахсыбата. Итини таһынан, андыны кустааһыны уруккутун курдук бэс ыйын 1 күнүттэн 4 күнүгэр диэри диэн болдьоҕунан хаалла.

Мин санаабар кусчут кустуур болдьоҕо олус уһаата, сааһы быһа кустаан куспутугар улахан хоромньу тахсаарай диэн санаа эмиэ үөскүүр. Маны эн туох дии саныыгыный, сыыһа дьаһаллар буолбатах дуо?
Ханнык баҕарар бултааһын болдьоҕун уһуна бултанар кыылга да, көтөргө да хоромньулаах буолара саарбахтаммат. Булчут барыта чиэһинэй, быраабыланы тутуһар диир эмиэ сыыһа курдук, тоҕо диэтэххэ, биһиги улууска бэрэбиэркэлэр түмүктэринэн биирдиилээн быраканьыардааһын, булт быраабылатын кэһии, хомойуох иһин, сыл аайы тахса турар. Сороҕор улахан хоромньуну оҥорбуттар эмиэ баар буолааччылар. Билигин иитиэх куһу булчут хантан баҕарар булуон сөп, онон кустааһын болдьоҕо хара кэлиэҕиттэн сымыыттыар диэри уһун буолар буолла. Ол гынан баран бултааһыҥҥа элбэх ирдэбил баар, холобур биир булчут нуорма быһыытынан 60 атыыр кустан, 20 хаастан уонна 10 андыттан элбэҕи бултуо суохтаах. Сааһы быһа булчут күөлгэ сыппата чуолкай, бөһүөлэккэ киирэр-тахсар, кэлэр-барар. Бултуур сириттэн тахсан айанныырыгар булт көҥүлүн (разрешениятын) кэннин булгуччу төһөнү бултаабытын толоро сылдьыахтаах. Булчут кустаах эрээри корешогун кэннин толорботох буоллаҕына булт быраабылатын кэһии буолар, онон булчут административнай эппиэккэ тардыллыан сөп. Булчут ирдэбил быһыытынан наар атыыр куһу талан ытар, бултаһар буоллаҕына уонна бэриллибит нуорматын тутустаҕына улахан хоромньу тахсыбат диэххэ сөп. Биллэрин курдук инники өттүгэр сааскы кустааһын болдьоҕор, атын да булка, уопсайынан булт быраабылатыгар уларыйыылар киирэ туруохтара дии саныыбын. Биһиги министиэристибэбит сыллата булчуттар этиилэрин мунньан, үөрэтэн көрөн, салгыы Арассыыйа Минприродатын кытта ыга ситимнээхтик үлэлии олорор. Ол курдук биһиги, олохтоох дьон булка сыһыаммытын учуоттаан, Булт сокуонугар кыралаан уларыйыылар киирэ тураллар. Сааскы кустааһын болдьоҕо уһун буоларыгар сөпсөспөт дьону кытта сөбүлэһэбин. Ол төрүөтүнэн, ыам ыйын бүтэһик күннэриттэн бэс ыйын саҕаланыытыттан күн-дьыл сылыйыыта буолар. Ойуурга улахан баһаардар турар кэмнэрэ саҕаланар. Ити кэмнэ үгүс киһи тыаҕа өссө да кустуу, андылыы сылдьаллара улахан баһаардар туралларыгар төрүөтүнэн буолуон сөбүн өйдүүрбүт тоҕоостоох. Санатар буоллахха, аҕыйах сыллааҕыта өрөспүүбүлүкэҕэ ыам ыйын 28 чыыһылатыттан саҕалаан улахан баһаардар тура сылдьыбыттара. Ити сыл өрөспүүбүлүкэ атын оройуоннарыгар кусчуттар буруйдарыттан уот тахсан, улахан баһаарга кубулуйбут түгэннэрэ эмиэ баара. Онон биир бэйэм сааскы кустааһын болдьоҕо сиэри таһынан уһуурун сөп дии санаабаппын.

Быйылгы кустааһын болдьоҕун уһуна балыкпыт саҥа тахсарыгар эмиэ түбэһэр, балыктыыр дьон эмиэ баар буолуохтара, саха киһитэ буоларбыт быһыытынан балыкпытын амсайыахпытын эмиэ сокуон быһа түһэн атахтыыр. Дьэ, ити эмиэ хайдах эрэ киһи өйдөөбөт дьыалата, төрүт олохтоох эрээрибин иннибэр оргуйа сылдьар балыктан илимнээн сиэбэтим.
Балыктааһын быраабылата баар, ыыр кэмигэр илиминэн балыктааһын бобуллар диэн. Биһиэхэ Саха сиригэр балык сааскы ыамын кэмигэр бобуллааһынын болдьоҕо ыам ыйын 15 күнүттэн бэс ыйын 15 күнүгэр диэри. Балыктааһын быраабылатыгар уларыйыы киирдэҕинэ эрэ ыамын бириэмэтин көннөрүөхтэрин эбэтэр сыҕарытыахтарын сөп. Хайа баҕарар быраабыла, сокуоннар даҕаны уларыйыылара, алларааттан (норуоттан) этиилэр киириилэригэр олоҕуран оҥоһуллаллар. Итиннэ үлэ барыахтаах дии саныыбын, манна диэн эттэххэ, саха киһитэ, ордук тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар киһи устар сайыны быһа оттуур, күһүнүн, кыстыгар бэлэмнэнэр, кыһын тымныыга балыктаабата чуолкай. Холобур, собо саас бастаан тахсар эрэ бириэмэтигэр, сонуҥҥа, ону даҕаны ахсааннаах киһи илимнээн амсайыахтарын баҕараллар диэн саныахха сөп. Итиннэ нэһилиэк аайы булчуттар, балыксыттар түмсүүлэрэ диэн баар буолуохтаах дии саныыбын. Бултааһыҥҥа сыһыаннаах этиилэри түмэн улуустааҕы булчуттар түмсүүлэрин кытта бииргэ үлэлэһиэхтээхтэр дии саныыбын. Нэһилиэнньэ, дьон туруорсуутун олоххо киллэрэргэ, сокуону уларытыһарга, араас таһымнаах дьокутааттар бааллар, олор норуот туһугар мэктиэ тылларын биэрэн үлэлиир, тумус туттар дьоммут, кыһаллан эһиги туруорсуугут олоххо киирэрин курдук үөһээ, дойдубут киинигэр Москубаҕа тиийэ сокуону, быраабыланы айар органнары кытта үлэлэһиэхтэрэ дии саныыбын. Элбэх туруорсуу наада.