Бу күннэргэ Сылгы Ыытарга уонна Ойуһардаахха успуорт бырааһынньыктара өрөгөйдүүллэр

Ол курдук  Сылгы Ыытарга, көҥүл тустууга СССР успуордун маастарын, СӨ Хапсаҕайга Бочуоттаах маастарын Захар Николаевич Чукров аатынан көҥүл тустууга 9 хамаанда, уопсайа 115 бөҕөс бэйэтин кыаҕын тургутан көрдө.

Балаһыанньа быһыытынан, хамаанданан уонна биирдиилээн кыайыылар быһаарылыннылар. Көҥүл тустуу боротокуолун түмүгүнэн, боруонса Кубогын Орто Халыма «Боотур» оҕо спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ, үрүҥ көмүһү агрофермерскай хайысхалаах Өлөөкө Күөллээҕи орто оскуола спортсменнара ыллылар. Кыайыылаах Кубогын хаһаайыттар, Сылгы Ыытар орто оскуолатын бөҕөстөрө хааллаһыннылар.

Спортсменнар билигин Ойуһардаахха, Көҥүл тустууга РСФСР, СӨ, Хотугулуу- Илиҥҥи уонна Халыма- Индигирдээҕи зона элбэх төгүллээх  чөмпүйүөнүн Николай Егорович Горохов аатынан күрэххэ бэлэмнэнэ сылдьаллар. Күрэх тохсунньу 29-30 күннэригэр ыытыллыаҕа.

Тэрээһиннэр тустарынан сиһилии уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит таһаарыыларыгар ааҕыаххыт.

Хаартыска: Сылгы Ыытарга, оҕолорго З.Н.Чукров аатынан көҥүл тустуу күрэҕин кыттааччылара, кыайыылаахтара

Читайте дальше