СӨ «Аартыка суоллара» ХТ Орто Халыматааҕы филиалын начаалынньыга Илья Моттуев иһитиннэрэринэн, ахсынньы 6 күнүгэр тэрилтэ тиэхиньикэлэрэ Ойуһардаах бөһүөлэгэр диэри соруктаах үлэлэрин толордулар. Тустаах үлэҕэ 3 тиэхиньикэ, 4 үлэһит үлэлээтэ. Онон икки бөһүөлэккэ (Сылгы Ыытар — Ойуһардаах) тиийэр суол хаара ыраастанна. Бу күннэргэ суол бэлиэлэрэ туруорулуннахтарына, уураах таҕыстаҕына, бу хайысхаҕа суол арыллыбытынан ааҕыллыаҕа. Былаан быһыытынан бу биригээдэ салҕыы, Хатыҥнаахха уонна Үөһээ Халыма кыраныыссатыгар тиийэр суолга үлэлиэҕэ.