Килиэп — биир тутаах күндү аспытынан буолар. Мин хаһыат нөҥүө килиэп туһунан хаста да суруйан турабын.

Урут куораппыт нэһилиэнньэтин өр кэмҥэ килиэбинэн хааччыйбыт «пищекомбинат» тэрилтэтин икки этээстээх дьиэтин дьылҕата билиҥҥэ диэри быһаарыллыбакка, күлүк курдук турарын көрдөххө киһи олус хомойор.

Куорат олохтоохторун билигин улууспут урбаанньыттара килиэбинэн хааччыйаллар, ол эрэн килиэп хамаҕаттык атыыланан, сонно бүтэр. Дьон өрөбүл күнүгэр хаһаанан 2-3 килиэби атыылаһар. Онон куораты биир гына көрдөөтөрбүт да, сорох киһи килиэбэ суох хаалабыт. Ааспыт сайын маҕаһыыҥҥа биир кэлии киһитэ «килиэп ханна атыыланара буолуой?» диэн ыйыппыта, онтон «эһиги куораккытыгар килиэбинэн хааччыллыы улахан кыһалҕа эбит» диэбитэ.

Соторутааҕыта, «Хаарчаана» маҕаһыын аһылларын күүтэ турар киһи, эмиэ маннык боппуруоһу ыйыппыта. Маннык мунаахсыйыылары истэн, киһи санаата түһэр, кырдьаҕас куораппыт нэһилиэнньэтэ килиэбинэн толорду хааччыллыбат диэн олус хомойор.

Онон бу кэлбит саҥа сылга улууспут салалтата, куораппыт баһылыга, ситэри быһаарыллан испэт биир тыын кыһалҕаны болҕомтоҕо ылаллара буоллар, нэһилиэнньэ махтаныа этэ.

Ааптар: Виталий Явловскай

Читайте дальше