Сылын аайы ыытыллар үөрэх үлэһиттэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥкатыгар хаһыс да сылын «Айар» кинигэ кыһата уһуйааччыларга анаан куонкурус тэрийэн туспа түһүлгэнэн кыттар.
Ол курдук, быйылгы дьаарбаҥкаҕа «Педагогика творчества» диэн ааттаах куонкурус тэрийдэ. Манна усулуобуйа быһыытынан, уһуйааччылар бэйэлэрэ айан оҥорбут сайыннарар, иитэр, биллэрэр сыаллаах остуол оонньуулара, оонньуурдара уонна анал бырагырааммалара кыттыан сөп этэ.
Саха сирин араас муннуктарыттан айымньылаах үлэлээх уһуйааччылар 851 буолан мустан икки күн тиргиэри тэбинэн туран, үлэлэрин кэпсээтилэр, көрдөрдүлэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ бииртэн биир ураты, сонун, дьикти да диэххэ сөптөөх үлэлэри көрөн сыаналыыр олус уустук буолта.
Түмүккэ миэстэ аайы үстүү үлэни уонна биэс анал ааттары ааттаабыттарыгар, «Развивающие методики по развитию связной речи» диэн анал ааты биһиги биир дойдулаахпыт, Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар уһуннук алын кылаас учууталынан, иитэр-үөрэтэр үлэҕэ саабыһынан үлэлээбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, билигин Дьокуускай куорат «Катюша» оҕону сайыннарар кииҥҥэ үлэлии сылдьар Винокурова Мария Саввична ылла.
Кини үлэтин туһунан маннык кэпсиир: «Мин Дьокуускай куорат 3-№дээх «Катюша» оҕону сайыннарар кииҥҥэ 6-ыс сылын логопед -учууталынан үлэлиибин. Кииммитигэр тылларыгар кэһиллиилээх оҕолорго аналлаах түөрт бөлөх, иккитэ сахалыы тыллаах, иккитэ нууччалыы тыллаах оҕолорго үлэлиир. Билиҥҥи кэмҥэ оҕо саҥарар саҥата ситэ сайдыбатаҕын ааһан, сахалыы төрөөбүт тылынан саҥарбат буолуута сытыытык турар кыһалҕа буолла. Маннык оҕолору кытта үлэлииргэ сахалыы тыллаах сөптөөх босуобуйа суоҕун кэриэтэ. Ол кэккэ ыарахаттары үөскэтэр. Мантан сиэттэрэн, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбин кытта «Дорҕооҥҥо бастакы хардыылар» диэн 5-6 саастаах оҕону кытта үлэлииргэ аналлаах эбии сорудах тэтэрээтин оҥорбуппут. Ол үлэбин бу дьаарбаҥкаҕа аҕалан киэҥ эйгэ дьүүлүгэр таһаардыбыт.
Бу тэтэрээккэ оҕо сахалыы тыл дорҕооннорун уонна нууччаттан киирбит тыл дорҕооннорун истэн араара үөрэнэригэр, чуолкайдык саҥарарыгар, дорҕоону араара, сүһүөххэ, тылга, этиигэ сөпкө киллэрэн саҥара үөрэтэр сорудахтар киирдилэр. Бу сорудахтартан оҕо тыл суолтатын өйдүүр, тылын саппааһа байар, этии оҥорон кэпсии үөрэнэр, илиитин сурукка бэлэмниир.»
Дьэ, маннык олус уустук кыһалҕаны туоратар аналлаах сыралаах үлэ үтүө түмүктээх буолбутуттан, биир дойдулаахпыт ситиһиититтэн олус үөрэн туран, эҕэрдэлиибит. Салгыы да айымньылаах үлэтэ сыаналанан, ситиһиилэнэн истин диэн алгыспытын аныыбыт.
Ааптар: Изабелла Ноговицына