Биир дойдулаахпыт финалга киирэрин өйүөҕүҥ!

Альберт Третьяков-Куйаар уола, улахан сыанаҕа Сыбаатайын туһунан ыллаабыта ыраатта. Быйыл кини «Үрдэл» национальнай музыкальнай бириэмийэҕэ 4-с төгүлүн кыттар.

Бу сырыыга Альберт ырыаҕа уһуйбут иитиллээччитин Самсон Иннокентьев — Сайдамныын «Истиий» ырыаларынан кытталлар. Куоластааһын тэтимин көрдөххө, уолаттарга өйөбүллэрин, куоластарын биэрэр ыалдьааччы элбэҕэ бэлиэтэнэр. Онон биллэр-көстөр, дойдутун үрдүк сыанаҕа ааттатар биир дойдулаахпытыгар куоласпытын биэриэххэ диэн ыҥырабыт.

Санатан эттэххэ, бу 8 киһиттэн финалга, икки киһи көрөөччү куолаһынан, икки киһи дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан финалга тахсыахтара. Бырайыак ааспыт бөлөхтөрүгэр Хатыҥнаахтан төрүттээх Айыллыына Сандаар уонна Сылгы Ыытар кыыһа Евгения Шамаева кыттан холонон көрбүттэрэ. Онон култуура эйгэтигэр улууспут күөх экраҥҥа иһиллэр, көстөр буолбутунан талааннаах ыччаппытыгар махталбытын биллэрэбит. Альберт Третьяков-Куйаар уола биир дойдулаахтарыгар эҕэрдэтин, махталын, өйөбүлгэ эрэнэрин биллэрэр. Салҕыы күрэххэ кыттыытын, аймньылаах үлэтин туһунан кэпсээбитин, эрэдээксийэ интэриниэт ситимнэригэр сиһилии билсиҥ.

Автор: Саргылана Кокорина

Фото: «Үрдэл» бырайыак кыттыылаахтара 

Читайте дальше