Алтынньы 31 күнүттэн биһиги улууспутугар быраастар мобильнай биригээдэлэрэ үлэлиир.
Бигэргэммит былаан быһыытынан невролог, эндокринолог, кардиолог, терапевт, педиатр, лабараан, узи бырааһа Сыбаатайга уонна Эбээххэ учуокка турар дьону көрдүлэр-иһиттилэр. Сыбаатайга үлэ түмүгүнэн 158 киһи доруобуйатын туругун көрдүлэр. Сэтинньи 4-6 күннэригэр Орто Халыматааҕы кииннэммит балыыһаҕа үлэлиэхтэрэ. Маны сэргэ сэтинньи 2 күнүттэн, кииннэммит балыыһаҕа быраастарга, мэдиссиинэ сиэстэрэлэригэр суһал көмөнү оҥорууга лиэксийэлэр, сэминээрдэр, маастар кылаастар, телемэдиссиинэ нөҥүө үлэлииргэ үөрэхтээһин саҕаланна. Тустаах тэрээһиннэри өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһа невролог бырааһа уонна реанимация сэбиэдиссэйэ толороллор.
Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска: Быраастар Сыбаатайга үлэлииллэр / ааптар: Наталья Никулина