Бэлиэ күҥҥэ сэргэх тэрээһин ыытылынна

Тыа хаһаайыстыбатын бырааһынньыгын Бастакы Мээтис нэһилиэгэ 72 төбө ынах сүөһү (ол иһиттэн 31 ыанньык), 176 сылгы сүөһүлээх уонна 91 төбө кууруссалаах көрүстүбүт. Оттооһун былаанын 100 бырыһыан толорон, кыстыкка киирэргэ бэлэм олоробут.

Алтынньы 7 күнүгэр тыа хаһаайыстыбатын бэлиэтиир суолталаах күҥҥэ, бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарар түбүктээх үлэлээх, нэһилиэнньэни хааччыйар дьоммутугар анаан, түөлбэлэринэн бэрт тэрээһиннээхтик күрэх ыытылынна.
Хас биирдии түөлбэ тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар эҥкилэ суох үлэлээбит үтүөлээх дьонун, бэтэрээннэрин, билигин да үлэлии-хамсыы сылдьар, ынах-сүөһү ииттэр үлэһит киһини хаартысканан уонна слайд нөҥүө сырдатта. Түөлбэ олохтоохторо тыа хаһаайыстыбатын бары салаатын көрдөрөр, сиһилии кэпсиир фотозона күрэҕэр эдэрдиин-эмэнниин көхтөөхтүк кытыннылар.

Ыллам ырыанан, хомоҕой тыллаах хоһоонунан, тэбэнэттээх үҥкүүнэн эҕэрдэ нүөмэрдэри туруоран, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Маны тэҥэ бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйатыгар олоҕуран, атыы-эргиэн дьаарбаҥката ыытылынна.
Түгэнинэн туһанан, СӨ тыа хаһаайыстыбатын министэристибэтиттэн «Тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ» бэлиэ уонна олохтоох дьаһалта аатыттан сэмэй бэлэх Евдокия Иннокентьевна Березкинаҕа туттарылынна.
Салгыы бу салааҕа үлэлиир бастыҥ дьоммутун улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениета Махтал суруктарынан бэлиэтээтэ.

Маны таһынан, сылын аайы нэһилиэккэ от саппааһын бэлэмниир Дмитрий Иванович Бекреневка олохтоох дьаһалта Махтал сурук туттарда.
Нэһилиэк дьахталларын кэмитиэтин көҕүлээһининэн, Үлэ сылыгар анаан, сайыҥҥы үлэ кэмэ кэпсэнэр «Үлэ дьоно» хаартысканан күрэх биллэриллибитэ. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан, бастакы миэстэни – Надежда Ивановна Третьякова, иккискэ — Макар Васильевич Выстороп, үһүс миэстэҕэ Алексей Алексеевич Березкин тигистилэр. Оттон «Өбүгэ үгэһин утумунан — Сайылык» диэн анал аат кыайыылааҕынан Евдокия Иннокентьевна буолла.
Бу курдук, тыа хаһаайыстыбатын бары салааларыгар үлэлээн ааспыт үтүө дьоммутун иһирэх тылынан ахтан-санаан уонна бу күҥҥэ туруулаахтык үлэлиир дьоммутун кытта истиҥ сэһэргэһиигэ, көрсүһүүгэ кыттыбыт «Эрэл», «Дьулуур», «Кэскил» уонна «Кубалаах» түөлбэ олохтоохторугар махталбытын тиэрдэбит.

Ааптар: Маргарита Башмакова

Хаартыска: Социалистическай Үлэ Дьоруойа И.В.Волковка анаммыт фотозона/ ааптар: Маргарита Башмакова

Читайте дальше