Сайыҥҥы ылааҥы үтүө күннэри баттаһа отчуттар ходуһаҕа киирдилэр. Биһиги улууспутугар Бөтүрүөп сөрүүнүн кэмигэр бастыҥ оттор хотостулар.

Санатан эттэххэ быйылгы от былаана 5450 туоннаҕа тэҥнэһэр. Бу күн туругунан 216 туонна от ылылынна. Ол курдук Сыбаатайга — 115, Арҕахтаахха — 30, Сиэн Күөлүгэр — 48, Эбээххэ — 8, Сылгы Ыытарга — 3, Хатыҥнаахха — 9, Налимскайга — 3 туонна от бэлэмнэнилиннэ. Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениятын начаалынньыга Дмитрий Винокуров иһитиннэрэринэн, Өлөөкө Күөллээҕи сылгы Собуота, бааһынай уонна кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон үксэ ходуһаҕа киирбиттэр. Ааспыт сылга баччаҕа 324 туонна от ылыллыбыт эбит. Онон былырыыҥҥы сылтан кыраапыктан хаалыы баар. Ый бүтэһигиттэн күн-дьыл прогноһа улахан ардахтаах кэми көрдөрөрүнэн сибээстээн, отчуттары үтүө күннэри баттаһан хаалыахха ыҥырар.

Ааптар: Саргылана Кокорина

Читайте дальше