Үһүйээн кэпсээнинэн, Халымаҕа Оконешниковтар кэлии, Мэҥэ-Хаҥалас эбэтэр Чурапчы киһититтэн тарҕаабыттар. Учуонай М.И.Старостина «Колымские якуты в середине XVII в начале XX-го веков (салгыы – кинигэ)» диэн кинигэтигэр сурулларынан, Халымаҕа «Оконешников» диэн араспаанньа сахалары киристиэс миэрэтигэр киллэриигэ 1750-с сыллартан баар буолбут.
Оконешниковтар түөлбэлээн олорбут сирдэрэ – «Сиэн Күөлэ» уонна «Унаарба» диэн көһүнэн усталаах — туоралаах, абына — табына мастардаах чараас үрдүк сиһинэн быысаһан сытар улуу күөллэр тоҕойдоро буолаллар.
Саха сирин устуоруйатыгар бэйэтин аатын ааттаппыт бастакы Оконешников – Иван (1738 с. Халыма уонна Алаһыай тоҕойдоругар сүрэхтэммит бастакы 7 сахаттан биирдэстэрэ — кинигэ), нуучча тылын толору баһылаабыт, дьыала – куолу быраабылатын үчүгэйдик билэр, Үһүс Мээтис нэһилиэгин (волость) суруксута (Билигин Бастакы Мээтис нэһилиэгэ), 1754 с. нэһилиэк кинээһэ Петр Лаптев (сүрэхтэниэн иннинэ Жепок Илягин) аатыттан күн судаар ыраахтааҕыга, Елизавета Петровнаҕа үҥсүү суругу суруйан ыыппыт. Бу сурук – ыраахтааҕы аатыгар үлэһит сахалартан суруллубут бастакы сурук буолар.
1632 – 1735 сс. Халыма сахаларыгар дьаам суолунан байыаннай сэби – буускалары, буораҕы, сибиньиэһи, бурдугу, араас таһаҕаһы, буостаны, дьону таһыы ыар үлэтин буор-босхо толорор эбээһинэс сүктэриллибитэ. Ити кэмҥэ Халымаҕа үлэни кыайар 130 эр киһи баарыттан 50 киһи Үөһээ Халымаҕа олорорунан бу эбээһинэһи толорорго хабыллыбатахтар. Халыма 80 эр киһитэ уонунан сыл сайыны быһа дьаам айаныгар сылдьара. Эр дьон күһүн кэлэллэр эрэ, кыһыҥҥы суолга 50-60 ахсааннаах ыттаах сыарҕаны булларан саас буолуор диэри дьаамҥа сырытыннараллара. Бу дьон сайын оттообокко сүөһүлэрэ кыһыны туоруур кыахтан тахсаллара, кыһын бултаабакка, мастаабакка дьоно – оҕолоро ыал аатыттан ааһаллара. Итини таһынан сахалары остуруоктарга баар саллааттар, хаһаактар дьиэлэрин, хаайыылары ититэргэ кыһыны быһа мас кэрдэн тиэйэргэ босхо эбээһинэстииллэрэ.
Сахалар хаһаактартан ыты, аты эттэһэн дьаамҥа ыыталлара. Көлөлөр төннүбэтэхтэринэ сыанатын төлүүллэрэ. Кыайан төлөөбөккө үнтү кырбаналлара, хаһаактарга оҕолорун, кэргэттэрин биэрэргэ тиийэллэрэ. Сахалар дьаамы толоруулара 1784 сылтан төлөнөр буолбут эрээри, Халымаҕа өссө даҕаны өр кэмҥэ бу сорудаҕы сахалар босхо толорбуттар. Иван Оконешников, маннык ыар баттабыл Халыма сахаларын эһэр кутталлааҕынан, Тааттаттан, Мэҥэттэн, Намтан 50 ыалы көһөрөн аҕаларга, Зашиверскайтан, Верхоянскайтан көһөн барбыт сахалары төнүннэрэн Алаһыайга олохтуурга этии киллэрбит. Кини суруга батталтан абарыы тыынынан илгийэр, атаҕастабылы киэр илгэр кимиилээх санаанан сайа тыынар. Маннык киһи атаҕастабылы тулуйарыттан ааһан, ыраахтааҕыны үөрэтэргэ модун санааны ылыннаҕа. Ыраахтааҕыга ыытыллыбыт бу сурук оччотооҕу быраабыланан Анаадыр остуруогун хамандыырыгар И.С.Шмелевка тиксэриллибит. Салгыы, сурук Дьокуускайга, кэлин Тобольскайга воевода кэнсэлээрийэтигэр өр сыппытын устуорук С.Шашков булан 1864 с. бэчээккэ таһаарбыт (М.И.Старостина. Кинигэ).
Үһүс Мээтис нэһилиэгиттэн устуоруйаҕа бэлиэ суолу хаалларбыт иккис Оконешниковынан Алексий аҕабыт, сүрэхтэммит аата Оконешников Василий Тимофеевич буолар. Кини туһунан учуонай М.И.Старостина «Герой – священник русско – японской войны якут Алексий Оконешников», (салгыы – кинигэ) диэн олус кичэйэн суруллубут кинигэни таһаарда.
Василий Тимофеевич Оконешников 1873 с. төрөөбүт, ааҕарга – суруйарга, английскай тылга 11 сааһыгар Сиэн Күөлүгэр көскө ыытыллыбыт сыылынайтан үөрэммит. 1887 с. Аллараа Халымаҕа, Орто Халымаҕа таҥара дьиэтин оскуолалара, Сиэн Күөлүгэр чааһынай оскуола аһыллыбыттар. Василий чааһынай оскуолаҕа үөрэммит буолуон сөп эбит (М.И.Старостина. Кинигэ.30 – 31с).
Кэлин Дьокуускайга миссионерскай училищены, ол кэнниттэн Казань куоракка учуутал семинариятын бүтэрбитэ. Василий Тимофеевич таҥара дьиэтин үлэһитин кэрдииһигэр тахсан «отец Алексий» диэн ааттаммыта. Кини английскай тылы үчүгэйдик билэр буолан нуучча – дьоппуон 1904 с. сэриитигэр Чуумпу акыйаан флотун «Рюрик» крейсерин аҕабыытынан кыттан геройдуу сэриилэспитэ. Кини нуучча флотугар аҕабыытынан сэриилэспит соҕотох саха буолар. Алексий аҕабыыт билиэнтэн кэлэн баран нуучча моряктара геройдуу сэриилэспиттэрин, флот хааччыллыыта мөлтөҕүн, сэнэрээттэр сүгүн эстибэттэрин, буускалар эргэрэн, ыраах ыппаттарын, сэриини салайыыга улахан алҕастар таһаарыллыбыттарын харса суох эппитэ, суруйбута. Ол иһин Арассыыйа салалтата кинини кырыы хараҕынан көрбүтэ, сотору таҥара дьиэтин үлэһитэ буоларыттан тохтообута. 1917 сылтан кини олоҕо биллибэт. (М.И.Старостина. Кинигэ). Өрөбөлүүссүйэ бастакы сылларыгар 165 тыһ. таҥара үлэһититтэн 107 тыһ. киһи ытыллыбыта. Баҕар, ол сиэртибэлэр истэригэр биһиги биир дойдулаахпыт суорума суолламмыта буолуо.
Бастакы Мээтистэн (уруккута Үһүс Мээтис) саҥаны арыйыыга аан дойдуга сүҥкэн суолу тэлбит, саха наукатыгар билиниини ыла илик үһүс Оконешников – Василий Иванович, биһиги бииргэ үөрэммит доҕорбут, саха соҕотох бөлөһүөгэ буолар. Кини аан дойду баар буолбут мадьыалын саҥалыы, атыннык быһаарбыта. Көстөр уонна көстүбэт эйгэ киһиэхэ хайдах дьайарын арыйан көрдөрбүтэ. Кини аан бастакынан атом көмпүүтэр буоларын арыйбыта. Аан дойду барыта эфир сиэккэтинэн, ол аата билии быыстала суох тарҕанар мадьыалынан бүрүллэн турарын, ойууннааһын научнай быһаарыытын, 108 химическэй элэмиэннэр дьайыыларын бэрээдэктээн, киһи бэйэтин бэйэтэ доруобай турукка киллэрэр кыаҕын арыйбыта. Өссө даҕаны баараҕай арыйыыларыгар 30 сыл устата хамнаһа, олорор дьиэтэ, үлэлиир остуола суох сылдьыбыта охсон, эрдэ өйүүннэнэн, кыайан тиийбэтэ.
Кырдьыгы өрө туппут, суобас ыйарын сулус оҥостубут улуу дьоммут булгуруйбат модун санаалара, кырдьык хаһан баҕарар кыайыылаах тахсыаҕа диэн дуулаҕа эрэллэрэ Халыма бары олохтоохторугар суолларын сырдатар Чолбон сулус буолуохтун.
Билигин кинилэр, үс улуу Оконешниковтар, тэбэр сүрэхтэрин абарыы кутаа уота быһыта тыыппат, кырдьыгы туруулаһыы дуолан охсуһуута дууһаларын сынньыбат. Халыма киһитэ, кинилэри санаан ыл уонна кыахтаах буоллаххына кырдьыктаах, сиэрдээх буолуу өрөгөйдөөх былааҕын күөрэччи көтөх.
Автор: Иннокентий Оконешников, Орто Халыма к.