Байанай киэһэтэ

Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатыгар сэтинньи ыйга сылын аайы үтүө үгэс быһыытынан саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын нэдиэлэтэ ыытыллар. Манна саамай күүтүүлээх тэрээһининэн сэтинньи ыйга аналлаах Байанай киэһэтэ буолар.

Төрөөбүт тылларын, култуураларын, сиэри-туому тутуһа улааталларыгар анаан бу киэһэ араас саха үгэстэрин, булт сиэрин-туомун тутуһарга, билэргэ  үөрэтэр куонкурустар ыытыллаллар. Ол курдук быйыл «Булчут сиэрэ-туома» диэн видеоролик оҥоруутугар, «Булчут таҥаһа» диэн өбүгэ ииһин, таҥаһын сырдатар кылааһынан куонкурустар буоллулар. Манна кылаастар араастаан толкуйдаан оҥорбут булт быраабылаларын кэпсиир роликтарын көрдүбүт. Өбүгэлэрбит кыһыҥҥы ичигэс таҥастара-саптара, ыраах айаҥҥа, булка-алка тоҥорбот аналлаах хаттык таҥастара аныгы дьон кэппэт буолан ааттыын умнулла быһыытыйбыттара баар суол, ону сөргүтэр суолталаах куонкуруска улахан кылаастар булчут буолан таҥнан, хас биирдии таҥаһы аатын ааттаан, туохтан тигиллэрин, туохтан харыстыырын туһунан кэпсээтилэр.

Хоту сир олохтоохторо буоларбыт быһыытынан, кыыһыттан-уолуттан тутулуга суох, тоҥ балыгы астыыры сатыах тустаахпыт. Онуоха аналлаах «Тоҥ-шоу» күрэҕэр 7-11 кылаастартан биирдии уол, биирдии кыыс кыттан илин-кэлин түһүстүлэр. Манна дьүүллүүр сүбэ балыгы хатырыктаан кыһыыны эрэ буолбакка, астаабыт сирдэрэ ырааһын, тоноҕос төһө кыһыллыбытын, иһиккэ уурууну кытта сыаналаата. Оҕолорбут бары да бэркэ кыттан, мааны тоҥ балыгынан көрөөччүлэри күндүлээтилэр.

Байанайдаах балыксыттар «Саамай улахан балык», «Саамай улахан сордоҥ»,  «Саамай улахан сыалыһар» куонкурустарыгар остуол муҥунан бииртэн биир улахантан улахан  балыктар кэккэлээтилэр. Сорох балыксыттар бултарын кыайан аҕалбакка, төрөппүттэрэ көмөлөөн аҕалсыбыттар. Ол курдук, ыйаһыннаан, устатын кэмнээн кыайыылаахтар быһаарылыннылар. Муҥутуур кыайыылаах улахан балыктаах 9 кылаас үөрэнээччитэ Сухомясов Марат буолла. Кини балыга 6 киилэ 245 гр. муҥур. 11-ис кылаас үөрэнээччитэ Винокуров Ваня сордоҥа – 9 киилэ 600 гр. буолан  муҥутуур кыайыылаах аатын ылла. Оттон 5-ис кылаас үөрэнээччитэ Винокуров Богдан бэйэтин саҕа сыалыһарын ыйааһына 7 киилэ 800 гр. буолла.

Салгыы төрүт ас быыстапката буолла. Аныгы араас эбиликтээх, булкааһыктаах аһылык доруобуйаҕа буортулааҕын туһунан хас биирдиибит билэр. Онон, бэйэ айылҕабыт ыраас аһылыга өрө тутуллар, аһыыр кэммит кэллэ. Оҕолор дьиэлэригэр төрүт сахалыы ас астаан кэлэн көмүскээтилэр. Ас эгэлгэтин көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр. Манна тайах сыалаах быысаһыттан саҕалаан сордоҥ хачырыгар тиийэ киһи тыла минньийэр аһа тардылынна. Оҕолор көрөөччүлэр ыйытыыларыгар эппиэттээн бэркэ көмүскээтилэр. Дьоро киэһэбит түмүгэр мааны астаах сандалыбытыгар бары кэлэн өбүгэбит төрүт аһын астына-дуоһуйа аһаатыбыт.