«Спектр» оҕо дьоҕурун сайыннарар киин тыыннаах доҕуһуолунан ыллыыр «Эрэл» ансаамбыла, бу саас уочараттаах үрдүк көтөллөөх кыайыыларын аҕалбыта.
Санатар буоллахха кинилэр, Мэҥэ Хаҥаласка «Сааскы тэтим» ыытыллыбыт куонкуруска Лауреат II-с уонна «Ураты тэтимнээх бөлөх» номинацияны ылбыттара. Хаҥалас улууһугар Лауреат I-кы истиэпэнин уонна Дарина Ауштоль «Бастыҥ гитаранан доҕуһуол» аатынан наҕараадаламмыта. Чурапчыга ыытыллыбыт «Добун дорҕоон түһүлгэтэ» «Гран при» уонна Ангелина Мухановаҕа «Бастыҥ охсооччу» анал аат иҥэриллибитэ. Хатаска ыытыллыбыт «Айар дорҕоон» Лауреат I-кы истиэпэнэ, маны сэргэ «Бастыҥ доҕуһуол» анал ааты ситиһэн өрөгөйдөөх сырыыны сылдьан кэлбиттэрэ. Итиэннэ Мэҥэ-Хаҥалас Табаҕатыгар «Үс Сэргэ» кэтэхтэн көрүү куонкуруһугар I-кы истиэпэннээх Лауреат буолбуттара.
Бу күннэргэ «Эрэл» ансаамбыл VIII-с төгүлүн ыытыллар Аан дойдутааҕы «Азия оҕолоро» оонньууларын тэрийэр кэмитиэтин аатыттан анал ыҥырыы тутан, «Дорҕоон дойду» бэстибээлгэ кыттаары бэлэмнэнии үгэнигэр сылдьар. Оҕолор кыттыыларын туһунан ансаамбыл салайааччыта Владимир Киприянов бу курдук билиһиннэрдэ: «Бу тэрээһин «Азия оҕолоро» Аан дойдутааҕы оонньуу бырагырааматын чэрчитинэн ыытыллар. Биһиэхэ тэрийэр кэмитиэт салайааччыта Иван Николаевич Тойтонов ыҥырыы ыыппыта. Манна өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк көрдөрүүлээх Чурапчы улууһун «Халлааҥҥа үрдэл», Хатас — «Айар суол», Уус Дьааҥы — «Тумат», Майа — «Ай-Куо», Сунтаартан «Уран-Куо» ансаамбыллары кытта бэлэмнэнэ сылдьабыт. Манна «Соҕотох сулус», «Сахам саҥата», «Уол оҕо», «Тыынна биэр», «Улахан ыһыах», «Өй дуораана», «Халыма уола» бэлэм ырыаларбытынан киириэхпит. Биһиэхэ 30 мүнүүтэ бэриллэр, саҥаран-салайан бу бириэмэҕэ былааммытын ситиэхтээхпит. Ол курдук кытта кэллилэр: Лиза Рожина, Алина Оконешникова, Дарина Ауштоль, Ангелина Муханова, ырыаһыттар Сайаана Созонова уонна Ойуһардаахтан Олеся Третьякова. Бу күннэргэ биир дойдулаахпыт Кирилл Третьяков көмөтүнэн «Дом музыкантов» дьиэтигэр бэлэмнэнэ сыл-дьабыт. Гитарабыт, синтезаторбыт бэйэбит инструменнарбыт, аппаратура өттүн барытын Кирилл хааччыйар. Онон Дьокуускай куоракка олорор биир дойдулаахтарбытын от ыйын 3 күнүгэр, Орджоникидзе болуоссатыгар, киэһэ 17ч., «Эрэл» ансаамбыл толоруутун көрөргүтүгэр ыҥырабыт. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыларбытыгар көмөлөспүт дьоммутугар, төрөппүттэрбитигэр дириҥ махталбытын биллэрэбит».
Ааптар: Саргылана Кокорина