Аня Тырылгина — өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада призера

Кулун тутар 12 күнүгэр, Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр, Саха сиринээҕи Билим Дьоҕус Академията тэрийбит, саха литэрэтиирэтин олимпиадатыгар биһиги улууспут инники күөҥҥэ ааттанна.

Олимпиада сорудахтарынан үөрэнээччилэр, саха литэрэтиирэтин историятын, теориятын, саха суруйааччыларын, кинилэр айымньыларын, култуура уонна бэчээт эйгэтигэр билиилэрин тургуталлар.

Ону тэҥэ толкуйдуур, ырытар, айар дьоҕуру көрдөрүүгэ тирэҕирэллэр. Сүрүн соруктара, төрөөбүт тылы, литэрэтиирэни үөрэтиигэ көҕүлээһин. Кыахтаах, дьоҕурдаах үөрэнээччилэри булуу, ситиһиилэрин, кыайыыларын билинии уонна биһирээһин, киэҥ эйгэҕэ сырдатыы буолар.

Олимпиадаҕа Орто Халыма улууһуттан Г.Г.Колесов аатынан Сыбаатайдааҕы орто оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Аня Тырылгина кыттан призер аатын ылла.

Аня биһиги эрэдээксийэбитигэр бэйэтин санаатын үллэстэр:
«Мин салайааччым саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Марианна Васильевна Колесова буолар. Олимпиадаҕа уопсайа 68 оҕо ыҥырыллыбыта, ол иһиттэн 10-с кылаастартан 21 оҕо кыттыыны ылла. Бу күрэххэ бастыҥнар ааттарыгар киирбиппиттэн олус үөрэбин. Бастаан долгуйбутум, ол эрээри ким дьулуурдаах сыалын-соругун ситиһэр эбит. 2023 сыллаахха ХИФУ саха тылын олимпиадатыгар кыттан призердаабытым».
Марианна Колесова, Сыбаатай орто оскуолатын учуутала:
«Аня бары эйгэҕэ дэгиттэр талааннаах оҕо. Биир сүрүн үтүө хаачыстыбата — ылсыбытын тиһэҕэр тириэрдэр, эппиэтинэстээх, сыалын-соругун ситиһэргэ дьулуһар. Төрөппүттэрэ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн – Ульяна Васильевна, Егор Николаевич Тырылгиннар. Кинилэр оҕолорун куруук өйүүллэр, хайдах кыалларынан усулуобуйа тэрийэллэр. Улахан кыыстара Мария БДьА олимпиадатын саха литэрэтиирэтигэр икки төгүллээх призера.
Буоларын курдук, сырыылаах кыттыыларга кэлии-барыы ороскуотун киһи бары уйуммат. Кытта барар оҕо бырайыаһа, быраабыла быһыытынан, бастаан төрөппүт кыаҕынан тэриллэр, онтон дьэ улуус дьаһалтатын уонна үөрэх управлениетын өйөбүлүнэн ороскуота төлөнөр. Онон оҕо кыттыытыгар төрөппүт көмөтө улахан оруоллаах.
Түгэнинэн туһанан, оҕолорун өйүүр төрөппүттэрбитигэр махтал тылларын тиэрдэбит.
Ситиһиилээхтик кыттыбыт үөрэнээччибитигэр Аня Тырылгинаҕа, оскуолатын, нэһилиэгин чиэһин үрдүктүк тутарыгар уонна аатын ааттатарыгар махтанабыт».

Ааптар: Оксана Слепцова

Читайте дальше