Бэс ыйын 19- 22 күннэригэр кэрэтинэн кэрэхсэнэр, мааны-талба дьонунан-сэргэтинэн биллэр Амма улууһун Амма сэлиэнньэтигэр улууспут баһылыга Иван Васильевич Лаптев салайыытынан Олоҥхо ыһыаҕар кыттан, олохпутугар биир өйдөнөн хаалар дьоллоох күннэр аастылар.
Биһиги Орто Халыма улууһуттан 30 киһилээх дэлэгээссийэ алгыс ылан, кыттан, көрөн-истэн бэрт тэрээһиҥҥэ махтана, астына-дуоһуйа, сэргии-сэҥээрэ сырыттыбыт.
Муона чараҥа дэлэй алаас хас биир муннугар «Аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэрэ», «Хомус», «Оһуохай», «Чороон», «Олоҥхо», «Оҕо саас», «Дорҕоон», «Тимир уус», «Кырыымпа» уо.д.а. түһүлгэлэригэр тэбис-тэҥҥэ тэрээһин арааһа тэриллэ турда. 3 күн быыстала суох утуу-субуу быыстапкалар, куонкурустар, тыйаатырдар, маастар-кылаастар, атыы-эргиэн хорчуопкалара, күн аайы хара сарсыардаттан хара киэһэҕэ диэри Оһуохай биир тыынынан эргийдэ. Саха дьонун дьоҕурун, хоту дойду норуотун талаанын, айылҕаттан айдарыытын, күүһүн-уоҕун, сүмэһинин, барытын манна, Амма сиригэр-уотугар, Олоҥхо дойдутун түһүлгэтигэр көрдүбүт, ылынныбыт.
Амма сэлиэнньэтэ киэҥэ-куоҥа, ырааһа, ытык кэрэхсэнэр миэстэлэрэ, дьиэлэрин, эбийиэктэрин тутуута-сайдыыта — туһунан остуоруйа дойдута эбит.
Тэрийэр кэмитиэт биһиги дэлэгээссийэбитин академик Л.В.Киренскай аатынан Амматааҕы лицей эбийиэгэр түһэрдэ. Бастакы дэлэгээссийэ төһө да түүн кэллэрбит, аламаҕай истиҥ сыһыаннарынан лицей үлэһиттэрэ үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Олохсуйарга усулуобуйа, эр дьоҥҥо, кэрэ аҥардарга барыта туһунан, эрэсиим быһыытынан ыйыллан-тэриллэн турара.
Улууспут дьаһалтатын дьаһалынан буор-босхо аһылыктанан, олохсуйан бэлэм тэриллиигэ сырыттыбыт.
Аҥардас Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытын күүһүттэн дуоһуйууну ыллыбыт. Киирии аантан хас биирдии ыалдьыты биэ кымыһынан, сылаас алаадьынан (миэстэтигэр ыһаара тураллара) күндүлээн көрүстүлэр. Хас биирдии улуус дэлэгээссийэтэ олорор миэстэтэ ыйыллан-кэрдиллэн турара, киир да олор, волонтердар барытын салайа-көрдөрө сылдьаллар. Аны хас биирдии ыалдьыт олорор миэстэтигэр кэһии: олбох, анал пакекка үтэһэлээх эт, быыппах, Амма уута кутуллубут бытыыллара ууруллубуттар. Түһүлгэ аайы олоҥхо, оһуохай ырыата, кырыымпа, хомус дьүрүскэнэ, оҕо-аймах тойуга, күүрүүлээх-ыалдьыылаах успуорт күрэҕэ… киһи саха буоларынан киэн тутта кынаттанар.
Улууспут баһылыга, быыс булан, номоххо хоһуллубут кэрэ айылҕалаах сирдэри, сардааналаах хонуулары, пааматынньыктары, ытык кэрэхсэнэр миэстэлэри, ааттаах- суоллаах алгыстаах Харама Хайатыгар илдьэ сылдьыбыта, туһунан өйдөбүл, история.
Биһиги улууспутун Амма улууһун Болугур нэһилиэгин түһүлгэтигэр көрүстүлэр. Сиэр-туом оҥорон, Болугур нэһилиэгин дьаһалтатын кытта билсэн, сэһэргэһэн, туһунан бырагыраамалаах тэрээһин ыытылынна.
Манна нэһилиэк мусуойун салайааччыта, баай-талым кэпсээнинэн Сахаяна Юдовна Кожурова нэһилиэк устуоруйатыттан сэгэтэн кэпсээтэ, олоҕун-дьаһаҕын билиһиннэрдэ. Нэһилиэк 5 СӨ норуотун маастардарын, туойунан эллээн араас сувенирдары, иһити-хомуоһу, скульптуралары уо.д.а.оҥорор Степан Прокопьевич Устинов, чороонньут Федотов Егор Иннокентьевич, олоҥхо дьоруойдарын, Айыылары, биирдиилээн дьон мэтириэтин араас өҥүнэн баайан оҥорор Стручкова Валентина Васильевна-Сарыада; уус-уран маастардар, оҕуруонан иннэлиир Ульяна Майродовна Михайлова уонна сиэлинэн, кылынан оҥоһуктар маастардара Клавдия Алексеевна Новикова үлэлэрин көрдөрдө, сэһэргээтэ.
Маннык үтүөкэн күннэри бэлэхтээбиттэрин иһин Амма улууһун дьаһалтатын баһылыгар Степан Николаевич Кузьмиҥҥа, Амма сэлиэнньэтин баһылыгар Михаил Алексеевич Артемьевка, Болугур нэһилиэгин баһылыгар Андрей Никитич Петровка, лицей дириэктэригэр Дария Иннокентьевна Захароваҕа Орто Халыма улууһун дьаһалтатын уонна дэлэгээссийэтин аатыттан истиҥ Махталбытын тиэрдэбит.
Амма улууһун кэрэхсэнэр айылҕата, аламаҕай норуота, баайа-дуола, сайдыыта — Аар саарга аатырдын, Уос номоххо кэпсэннин, үйэттэн үйэҕэ үөдүйдүн!!!
Улуус баһылыга И.В.Лаптев салайааччылаах Орто Халыма улууһун дэлэгээссийэтэ.
Ааптар: Саргылана Кокорина