Ааспыт икки күн Орто Халыма улууһун олохтоохторо күөх экран нөҥүө, Дьокуускайга ыалдьыттыы сылдьар дьон Туймаада алгыстаах киэҥ дэлэй туонатыгар, биир дойдулаахпыт Алексей Созонов «Дыгын оонньуулара-2024» күрэххэ кыттарын астына-дуоһуйа көрдүбүт.
Алексей кыттыытын төрөөбүт дойдутугар аныыр. Кини түһүлгэни быйыл мээрэйдээтэ, туох-хайдах буоларын анаалыстаата. Кэлэр сыл, үбүлүөйдээх күрэххэ кэлэн кыттарга бэлэмнэниэх буолла.
Алексейы кытта биһиги эрэдээксийэбит бар дьонун, биир дойдулаахтарын ааттарыттан эҕэрдэлээтибит уонна өрөспүүбүлүкэ биир бастыҥ күрэҕэр кыттыытын түһунан санаатын иһиттибит:
«Күрэххэ, түһүлгэ тыынын билбит уолаттары кытта кытынным. Дойдум дьоно бэркэ ыалдьыбыттарын сэрэйэбин, өйбүнэн-сүрэхпинэн билэбин. Туох баар билиҥҥи кыахпын ууран кытынным. Биллим-көрдүм, күүспүн- уохпун анаалыстаатым. Оонньууларга 1 ый кэриҥэ күҥҥэ иккилии көрүҥүнэн күүстээхтик дьарыктаммытым. Күрэх бастакы күнүгэр, турукпун сааһылыырга ыарахан этэ, арыллыбатаам, улахан долгуйуу баара. Маннык таһымнаах, улахан публикалаах күрэххэ бастакыбын кытынным.
Сүрүнэ, этэҥҥэ оһоло суох туораатым. Тириэньэрим Айсен Семенов. Миигин дьарыктыырыгар бэйэм көрдөспүтүм.
Эрэммит көрүҥнэрбэр куһаҕана суохтук кииристим, сүүрүүбэр кыһыл көмүс мэтээл кэтэн эрэммит кыахпын толорду туһанным. Охпор Байанайга итэҕэлим көмөлөстө, тыал кыратык мэһэйдээтэ. Үс төгүл үскэ 34 миэтирэни барыахтаах этим, табыллыбата. Тутум эргииригэр, техиньикэтин албаһын сатаан туһамматым, халтырыйа турдум. Маска сэрэбиэйим хайдах түбэспитинэн киирсэ сатаатым. Дьулустан Ноговицын сүүрүүгэ миигин кытта үлэлээбитэ, онон сүүрүүбүт дьарыктаммыппытын курдук сатанна диэн бэлиэтиибит.Тааһы дьарык саҕана көтөҕөн эрэ көрбүтүм, итиччэни-баччаны барыам диэн көтөҕүөхпэр диэри билиммэт этим. Саамай ыарахан көрүҥ эбит.
Сүрүн көрүҥнэргэ доҕотторум сүбэ-ама буоллулар, холобур оххо Максим Кудрин, хапсаҕайга Дмитрий Шадрин.
Түһүлгэ олус иччилээх, ураты күүстээх эйгэлээх сир эбит, өрүү махтана, санааҕын уура, итэҕэйэ сылдьыахха наада. Уолаттар бары биир эйэлээх сомоҕо хамаанда буолан үлэлээтибит, бары доҕордостубут. Этэҥҥэ буоллаҕына, эһиил, үбүлүөйдээх күрэххэ кэлэн кыттыам диэн былааннанным.
Доҕотторум, биир дойдулаахтарым, үлэлиир кэлэктиибим (МЧС) ыксаллаах быһыы-майгы 2-с этэрээтэ олус өйөөтө. Николай Матаннанов кэлэн күүстээх өй-санаа тылларын этэн олус кынаттаата. Улууспут дьаһалтата үбүлээн хамаандабытыгар анал футболка оҥортордубут, өссө саҥа ох саа, борцовка ылыахпыт.
«КЕН и компаньон» Е.Н.Константинов тэрилтэтэ миигин куруук өйүүр. Ааспыт сыл Арассыыйа таһымнаах хотугулуу многоборьеҕа кытта барар бырайыаспын, үппүн успуонсардаабыта. Бу күрэххэ 75 000 бэлэх уунна.
Күрэххэ төрөөбүт нэһилиэгим баһылыга А.Н.Сивцев бүтэһигэр диэри өйөөтө. Уоппускабар дойдубар бара сылдьыахпын олус баҕарабын.
Миигин өйөөбүт бары дьоммор- сэргэбэр, кэргэммэр, төрөппүттэрбэр, аймахтарбар, улууһум, нэһилиэгим баһылыктарыгар, тириэньэрбэр, доҕотторбор, биир дойдулаахтарбар улахан махталбын тиэрдэбин. Эһиги өйөбүлгүт баар буолан, кыахпын тургутан ситиһиилээхтик кытынным».
Түгэнинэн туһанан Алексей тапталлаах доҕорун Евдокияны кытта билсистибит. Кини Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах нэһилиэгин ыччата буоларын истэн олус үөрдүм-соһуйдум. Кини ийэтэ «Чугдаар» оҕо образцовай ансаамбылын салайааччыта Мария Афанасьевна Кудрина иккис кыыһа эбит. Мария Афанасьевна оҕолорун аттыларыгар өйүү-бигии сылдьар.
Онон оҕолор биир сиртэн төрдүлээх-төрүттээх буолаллара биһиэхэ, Халымаларга, хас эмэ бүк үөрүү-дьол, киэн туттуу буолар.
Евдокия Созонова: «Биһиги 2022 сыллаахха ыал буолбуппут. Алешалыын оскуола эрдэхтэн доҕордоһор, билсэр этибит. Бастаан, мин 9-с, кини 11 кылаас эрдэхпитинэ улуустааҕы волейбол турнирын саҕана билсиспиппит. Онтон биир кэмҥэ устудьуоннаан, былааннаабыппытын курдук, Алеша Армияҕа сулууспалаан кэлбитин кэннэ ыал буолбуппут. Мин инновационнай колледжка үөрэхтээһин отделениятын мэтэдииһинэн үлэлиибин.
Спортсмен кэргэнэ буоларбынан, доҕорбун өрүү өйдүүбүн, өйүүбүн. Айаннаах, уһун сырыылаах күрэхтэр, дьарыктар, сылаалаах кэмнэр да баар буолаллар. Ону барытын ылыныахха, өйдүөххэ наада.
Алеша бэҕэһээ олус долгуйбута, арыллыбатаҕа, оттон бүгүн олох атын хартыынаны көрдөрдө. Доҕотторо дьарыктаныаҕыттан олус өйөөтүлэр, көмөлөстүлэр. Улахан махталбытын биллэрэбит.
Эбээһинэстээх үлэни кытта тэҥҥэ дьүөрэлээн, сылы сылынан бэлэмнэннэххэ, ситимнээхтик үлэлээтэххэ эрэ маннык түмүк кэлэр. Эһиил көрдөрүүлэрин тупсарыаҕа дии саныыбын. Кэргэмминэн киэн туттабын»
Санатар буоллахха, Николай Маттананов доруобуйатыгар эчэйии ылан туораан, биһиги дойдубут кыттар чиэскэ тиксибитэ.
Николай эмиэ баай уопуттаах, кытта үөрүйэх Боотур буолар. Киниттэн Алексей кыттыытын хайдах сыаналаабытын ыйыттыбыт: «Алексей хотугулуу многоборье маастара. Бастакытын кыттар диэтэххэ, сүрдээх үчүгэй көрдөрүүлэри оҥордо. Уопуттаах уолаттары кэннилэригэр хаалларда. Бэйэтигэр эҕэрдэбин, санаабын эппитим. Сүрүнэ оһоло-моһоло суох бүтэһиккэ диэри киирдэ, туох-хайдах буоларын этинэн-хаанынан биллэ. Маладьыас! Уопутуран сөптөөхтүк дьарыктаннаҕына күүс-уох өттүнэн сайдыаҕа, үчүгэй көрдөрүүлэри ылыаҕа. Этэҥҥэ буоллахпына эһиил кыттыам», — диэн санаатын, эҕэрдэтин тиэртэ.
Туймаада хочотугар Орто Халыма улууһун ааттаппыт, дьонун-сэргэтин тэтиннэрбит, үөрүүнү-дуоһуйууну, күүстээх салгыны хамсаппыт уолбутугар Алексей Созоновка итии-истиҥ эҕэрдэбитин, киэн туттарбытын, холобур оҥосторбутун, дьиэ кэргэнигэр, төрөппүттэригэр истиҥ махталбытын биллэрэбит.
Бу саҕалааһын, сүрэхтэнии, күүһү-уоҕу холонон көрүү эрэ буолар…
Уолбут санаатын хоту улууһун быйыл эрэ буолбакка, кэлэр сылларга ааттата туруо диэн эрэлбит күүстээх.
Уопсай түмүк оҥорон анааран көрдөххө, урукку сылларга, хас эмэ кэм биир киһи Дыгын бастыҥа буолар эбит буоллаҕына, кэнники күрэхтэргэ эдэр уолаттар киирсиилэрэ, бүтэһигэр диэри толкуйдатар буолбута сэҥээрдэр.
Бу ыччаппыт успуорка сайдыытын, баҕатын, чөл олоҕу тутуһарын туоһута буолара чахчы.
Быйылгы кыттааччылар, көрөөччү да бэлиэтииринэн, бэйэ бэйэлэригэр олус истиҥ сыһыаннаах уоланнар кыттыбыттар, куруук илии тутуһа, куустуһа сылдьаллара киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллэр, холкутуур.
Кэлэр сыл, 30-с төгүлүн ыытыллар Дыгын оонньууларыгар, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев «Патриот» УАЗ бирииһи туруоруох буолла. Онон эһиил баччаҕа, үбүлүөйдээх күрэх мөлүйүөнүн уонна буор босхо УАЗ «Патриот» ылыан баҕалаах Боотур, сынньана, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэ түһэн баран бэлэмнэммитинэн, былчыҥнарын үлэлэппитинэн барыаҕа турдаҕа…
Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска ааптара: Максим Кудрин