Бүгүҥҥү ыалдьыппын кытта сэһэргэһиибин, суругу-бичиги сыаналыыр, хас эмэ кинигэ ааптара, хос ааптара буоларын быһыытынан кинигэлэрин, ыстатыйаларын кытта билсиинэн саҕалаатым. Кини айымньылара, айыылартан айыллан кэлбит идэтигэр — доруобуйа харыстабылыгар ананаллар.
Орто Халыматааҕы кииннэммит балыыһа тэрэпиэп-бырааһын Варвара Алексеевна Третьякованы улууска билбэт киһи суоҕа, өрөспүүбүлүкэҕэ доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрэ киэн туттар, холобур оҥостор, бастыҥынан билинэр быраастарынан буолар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.
Мэдиссиинэҕэ, суруналыыстыкаҕа — 50 сыл
Иннибэр «Среднеколымская районная больница имени С.И.Мицкевича», «История развития здравоохранения Среднеколымского улуса», «Записки колымского врача-терапевта» таһаарыылар, «Кыым», «Якутский меджурнал», «Халыма долгуннара» хаһыаттарга бэчээттэммит, ахсаана биллибэт элбэх ыстатыйа сытар. Хараҕым аан бастаан, эргэ хаһыакка суруллубут ыстатыйаларга хатанна. Бу Варвара Алексеевна 1974 сыллаахха суруйбут, «Якутский университет» хаһыакка устудьуоннуу сылдьан «Наедине с искусством» уонна Красноярскайга үлэлии сылдьан «Молодежь Якутии» хаһыакка суруйбут «Огни родного дома» кылгас уочарка-ыстатыйалара эбиттэр. Онон бүгүҥҥү ыалдьытым суруналыыстыка эйгэтигэр үктэммитэ эмиэ 50 сыл буолбута икки бүк сөхтөрдө, үөртэ.
Ааптар оҥорон таһаарбыт кинигэлэригэр, улууска доруобуйа харыстабылын сайдыыта (1817-2000сс.), бастакы медпууннар, балыыһалар, үлэлээн ааспыт, билигин да үлэлии сылдьар тэрэпиэп-быраастар, үлэһиттэр тустарынан, кинилэр ахтыылара, үлэлэрэ, умнуллубат түгэннэр, күннэр-дьыллар, «Халыма долгуннара» хаһыакка суруллубут ыстатыйалар, ыарыһахтары кэтээн көрүү, сүбэ-ама буолар ыстатыйалар уо.д.а. түмүллэн тахсыбыттар.
«Бу түмэл таһаарыыларым, ааспыт сылга «Энциклопедия врачей-терапевтов РС(Я)» I туома тахсарыгар төһүү күүс буолбута. Энциклопедияҕа 30 сылтан үөһээ стажтаах тэрэпиэп-быраастар Варвара Николаевна Винокурова, Галина Егоровна Шкулева, Светлана Егоровна Оконешникова уонна мин киирбиппит. Биир кинигэни балыыһа мусуойугар ыыппыттара», — диэн айымньылаах олоҕун туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.
Ахтан-санаан аастахха
50 сыл биир идэ кынатынан көтүүгэ, олоҕуҥ сүрүн суолун устатыгар дьоллоох сырыылары кытта кэккэлэһэ элбэх араас быһыы-майгы, мөкү-моһол баара мэлдьэҕэ суох. Урукку үйэттэн, умнуллубат түгэннэртэн, өйдөнөн хаалбыт кэмнэриттэн, устудьуоннаабыт сылларыттан быһа тардан ыалдьытым маннык сэһэннээх буолла: «Биһиги бэрт көхтөөх куурустар этибит. «Айан» уолаттар ансаамбыллара, «Сарыал» үҥкүү бөлөҕө тэриллибиттэрэ, спортсмен, боксер уоллаттардаах этибит, аҥаардас өрөспүүбүлүкэҕэ биллибит ырыаһыт-быраас Виталий Андросов онуоха туоһу буолар. Преподователлэрбит: «Надоели ваши гастролеры и боксеры» диэн кыыһыраллара. Ол курдук бары талааннаах дьон, идэлэригэр эмиэ ситиһиилээх эмчиттэр буолан тахсыбыттара. «Улыбка 69» устудьуоннар тутуу этэрээттэрин комиссара этим. Уус Алдаҥҥа хотон туппуппут, гостуруоллуурбут. Быйыл университеппытын бүтэрбит сылбытын оҕолор үчүгэйдик бэлиэтээбиттэрэ. Мин үлэлии сылдьар кэмим буолан барыбына хааллым.
Үөрэхпин бүтэрээт, икки сыл Красноярскайга үлэлээбитим, интернатураны барбытым. 1976 сыллаахха үлэлии кэлэрбэр, балыыһа, билигин устудьуоннар этэрээттэринэн көтүрүллэ турар эбийиэккэ баара. Амбулатория, билигин таҥара дьиэтин аттыгар дьон олорор дьиэтэ буолан турар дьиэ этэ. Мин кэлэрбэр Евгения Васильевна Еремеева номнуо үлэлии сылдьара. 1981 сылтан талааннаах быраас, тэрийээччи Варвара Николаевна Винокурова кэлэн үтүмэн үлэни оҥорон, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Ол саҕана маһынан оттуллар туһунан хочуолунайдаах этибит. Кылаабынай бырааспыт Татьяна Михайловна Шадрина хачыгаардарын түүннэри хонтуруоллуура. Тубдиспансер туһунан турара. Оччотооҕуга улуус нэһилиэктэрин саас, күһүн булгуччу кэрийэрбит.
Биирдэ, 1977с. алтынньы ыйга тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдары М.А.Тырылгины, Х.И.Дуткины, В.А.Роббегы кытта, балаакканан сылдьан Березовка ыстаадаларын кэрийбиппит. Бөртөлүөппүт кэлибинэ ыйтан ордук сыппыппыт. Оннук, быраастары дэлэгээссийэлэргэ холбоон ыыталлара. Лобуйаҕа, СПТУ баарын саҕана элбэхтэ сылдьыбыппыт. Биирдэ Березовкаттан, дьиэбитигэр таарыйбакка, үргүлдьү Өлөөкөҕө көппүттээхпит. Оннук, буолуохтааҕын курдук ылынан, ардыгар ФЛГ соһуулаах, дьон доруобуйатын туһа диэн сырыылаах үлэлэргэ турунарбыт. Элбэхтэ, олоҕу-өлүүнү быһаарыы түгэннэрэ бааллара. Биир түгэни умнубаппын, биир эдэр дьахтар аллергиялаата диэн суһал көмөнөн кэлбиппит. Киһибит тыынын иһиллии турдахпына, сүрэҕэ тохтоон хаалла, көҕөрөн, сууллан барда.
Оччолорго билигин да үлэлии сылдьар, суһал көмө биэлсэрэ Зинаида Слепцова суһаллык тустаах эмп ситэн, укуол туруораммыт, киһибитин бэттэх аҕалбыппыт, сураҕа билигин тыыннаах Чита куоракка олорор үһү.
Иккис Хаҥалас нэһилиэгин олохтооҕор суһал көмө оҥороору, ыксааммын, таапачка да кэппэккэ атах сыгынньах, тилэҕим иһиэр диэри түүнү быһа сүүрэн, хаан кутан быыһаабыппыт. Ол киһим билигин да тыыннааҕар сэмээр үөрэбин. Оччолорго ол курдук барытын бэйэбит оҥорорбут, билиҥҥи курдук, туһунан исписэлиис диэн суоҕа. Ол сырыы кэминээҕи быһыыттан, кылаабынай быраастан бирикээһинэн үлэм киниискэтигэр Махтал суруктаахпын. Үрүҥ халаата суох миигин билбэт пациеннар эмиэ бааллара» (күлэр).
Төттөрүтүн оҕолорбор махтанабын
Варвара Алексеевна олоҕун аргыһын Иван Иванович Третьяковтуун 1977 сыллаахха ыал буолбуттар. Күн бүгүн, күн күбэй ийэ, дьоллоох эбэ буоларыгар, оҕолоругар махтанар. Уолаттара Антон, Иван, кыыһа Мария дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, үлэлээн-харалаан Дьокуускай куоракка олохсуйан олороллор.
Биир тирэх буолар уола Влад улахан дьиэ кэргэн аҕата, тэрилтэ салайааччыта буолар диэн астына дуоһуйа, оҕолорун тустарынан билиһиннэрдэ: «Мин төттөрүтүн оҕолорбор махтанабын. Кинилэр бары кэмигэр, үрдүк үөрэхтэрин идэлэрин баһылаан, бэйэлэрин бэйэлэрэ көрүнэн, истипиэндийэлэрин аахтан киһи буолбуттара. Билигин бары дьиэ-уот тэринэн үлэ дьоно, оҕо-уруу буола сылдьалларыттан дьоллонобун. Уолаттарбар тулуурдаах, дьулуурдаах буолар майгы аҕаларын иитиититтэн иҥмит буолуохтаах. Кэргэним оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн булка-алка, айаҥҥа-сырыыга, окко-маска илдьэ сылдьара. Сайын аайы оттото тыа сиригэр ыытарбыт. Билигин да бу үгэспитин тутуһабыт, Хатыҥнаахха саас аайы, кыһыҥҥы суол баарына сиэттэрбитин кытта, аҕабыт бултаабыт-алтаабыт дойдутугар Арыылаахха тиийэн, сир аһаттан, баарбытын биллэстэн, махтанан кэлэбит».
Эмчит идэтэ салҕанар…
Варвара Алексеевна иккис уола Иван Иванович ийэтин утумнаан, эмиэ тэрэпиэп-бырааска үөрэнэн дойдутугар үлэлии сылдьыбытын өйдүүбүт. Маныаха сиэттэрэн, өбүгэлэригэр быраастар бааллар этэ дуу, диэбиппэр ыалдьытым интэриэһинэй кэпсээннээх буолла: «Миигин эбэм аатынан ааттабыттар. Ийэм ийэтэ Варвара Гаврильевна Третьякова былыр ыҥырыыттан ыҥырыыга сылдьар баабыскаһыт үһү. Урукку кэм баабыскаһыттара айылҕаттан анаммыт эмчиттэргэ тэҥнээх дьон буолуохтаахтар. Ийэм бэтэринээр. Онон уолум Иван быраас буолбутугар, идэ көлүөнэтэ салҕанна диэн ийэм олус үөрэр-астынар этэ. Иван билигин Дьокуускайга 3-с нүөмэрдээх балыыһаҕа үлэлиир. Кэргэнэ Сардаана, эмиэ оҕо бырааһа, быйыл «СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна» буолла», — диэн үөрүүтүн үллэстэр.
Түмэлгэ 201 экиспэнээт хараллар
2017 сыллаахха Варвара Алексеевна бэйэтин инициативатынан, кылаабынай быраас Д.Д.Третьяков өйөөһүнүнэн Орто Халыматааҕы балыыһа мусуойа арыллыбыта. Түмэлгэ 1817 сыллаахтан бу күҥҥэ диэри Орто Халыма улууһугар доруобуйа харыстабылын сайдыытын устуоруйатын кэпсиир архыып докумуоннар, 201 экиспэнээт баар.
Түмэл салайааччыта, 201 нүөмэрдээх экиспэнээтинэн, СӨ тэрэпиэп-быраастарын энциклопедиятын I туома регистрацияланна диэн үөрэ көрдөрдө. Мусуойга үлэһиттэр үлэлэрин олохторун кэпсиир хаартыскалар, былыр үйэҕэ туһаныллыбыт мал-сал, тимир-тамыр үнүстүрүмүөннэр, Альперович кириэһилэтэ, миэбэллэр, киһи уорганын үөрэтэр муляж, архыып докумуоннара, улуус устуоруйатын кэпсиир кинигэлэр, таһаарыылар, бииртэн биир интэриэһинэй экиспэнээт киһини сөхтөрөр дириҥ ис хоһоонноохтор, дьиктилэр.
Уопсастыба, чөл олох, успуорт
Варвара Алексеевна билигин куорат дьокутааттарын Сэбиэтигэр 5-с ыҥырыытыгар үлэлиир. Көхтөөх уопсастыбанньык. Дьиэ кэргэнинэн биир өрө тутар эйгэлэрэ, чөл олоҕу пропагандалааһын буолар. Ол курдук кини уруккуттан арыгыны утары охсуһууну ыытар. Социальнай хайысхаҕа үлэлэһэр уопутунан, улууска, чөл олохтоох, куһаҕан дьаллыктаах, көмөҕө наадыйар дьиэ кэргэттэр тустарынан суот-учуот оҥорор, социальнай үлэһиттэри, олохтоох дьаһалта исписэлиистэрин, биэлсэрдэрин кытта тустаах үлэ ыытар, сүбэ-ама биэрэр.
Маны сэргэ ыалдьытым, сөбүлээн дьарыктанар успуорт көрүҥүн туһунан кэпсээтэ: «Бильярдыырбын сөбүлүүбүн. Бириэмэ кэмчи буолан, хам-түм оонньуубун эрээри, 2009с. Орто Халыма куорат дьахталларын ортолоругар чөмпүйүөн буолбутум. 2015с. Бэтэрээннэр зональнай Спартакиадаларын үрүҥ көмүс мэтээлин ылбытым. Быйыл бэтэрээннэр улуустааҕы Спартакиадаларыгар «60+» дьахталлар бөлөхтөрүгэр чөмпүйүөн үрдүк аатын сүкпүтүм», — диэн ситиһиититтэн быһа тардан билиһиннэрдэ.
Кэпсэтиибит түмүгэр убаастабыллаах ыалдьытым, төрөппүттэригэр, учууталларыгар, бииргэ үлэлээбит, үлэлиир кэлэктиибигэр, дьиэ-кэргэнигэр махтал истиҥ тылларын тиэртэ. Киһи киһинэн олорор, ойуурдаах куобах охтубат диэн бэргэн этиигэ олоҕурда.
Бу курдук 50 сыл биир идэҕэ, айылҕаттан ананан кэлбит үрүҥ халааттаах аанньаллартан биирдэстэрин, РФ доруобуйа харыстабылын туйгунун, СӨ үтүөлээх бырааһын, Бочуоттаах бэтэрээнин, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнин, Орто Халыма улууһун, куоратын уонна Хатыҥнаах нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕун, дойдутугар бэриниилээх биир дойдулаахпытын Варвара Алексеевна Третьякованы кытта бэрт сэргэх кэпсэтии, киһи өссө да истэ-сэһэргэһэ олоруох бүппэт истиҥ устуоруйалаах олоҕуттан быһа тардан суруйдахха, бу курдук буолла.
Маннык, олохторун идэлэригэр анаабыт, олоххо хаама сылдьар архыып- дьон баалларынан киэн туттабыт, холобур оҥостобут. Маннык үтүөттэн үтүө тахсара, идэ көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрэ олох дьоло буоллаҕа…
Ааптар: Саргылана Кокорина