Аҕа сылыгар аналлаах кэтэхтэн көрүүгэ улуустааҕы тэрээһиннэр ыытылыннылар

«Мин аҕабынаан бииргэ булка, балыкка сырыыларым» диэн Орто Халымаҕа аҕа сылыгар, Байанай ыйыгар аналлаах уол оҕолорго кэтэхтэн улуустааҕы куйаар ситиминэн күрэх ыытылынна. Тэрийээччилэринэн Хатыҥнаах орто оскуолатын алын кылааһын учууталлара буоллулар.

Күрэс сыала-соруга, уол оҕону иитиигэ аҕа оруолун үрдэтии, кыттааччы төрөөбүт тылынан саҥарар дьоҕурун сайыннарыы, төрөөбүт дойдуга тапталы, өбүгэ үгэһинэн иитиини иҥэрии буолар.
Бастакы бөлөххө алын 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ, кинилэр күрэх ис хоһоонугар сөп түбэһэр «Мин аҕабынан (эһэбинэн, убайбынан) киэн туттабын» икки хайысханан кытыннылар: уруһуйга уонна өйтөн суруйууга.
Иккис бөлөххө 5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ аҕаларын кытта булка, балыкка бииргэ сылдьан түспүт хаартыскаларынан 2-3 мүнүүтэлээх видеоролик кэпсээн оҥорон кытыннылар.

Күрэххэ улуус 7 оскуолатын оҕолорун үлэлэрэ киирдилэр.
Видеороликтары көрүүгэ: «Кылаан чыпчаал» кыайыылааҕынан Дамир Кудрин Хатыҥнаах 5-c кылааһын үөрэнээччитэ, I миэстэҕэ – Давид Лаптев А.Н. Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ, II миэстэҕэ – Кэскил Слепцов И.В. Волков аатынан улуустааҕы гимназия 6-с кылааһын үөрэнээччитэ, 3-с миэстэҕэ-Максим Шкулев Хатыҥнаах орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ тигистилэр.

Дьүүллүүр хамыыһыйа та быһаарыытынан «Бэргэн ытааччы» анал ааты Айсен Ефимов Хатыҥнаах 9-c кылааһын үөрэнээччитэ, «Эдэр балыксыт» — Антон Метельских Н.И Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатын 6-c кылааһын үөрэнэээччитэ, «Кэскиллээх булчут» — Денис Третьяков А.Н. Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолатын 7-c кылааһын үөрэнээччитэ буоллулар. Кыраларга «Бастыҥ видеоролик» номинация хаһаайына – Юра Тырылгин Н.И Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатын 2-c кылааһын үөрэнээччитэ, «Бастыҥ кэлэктиибинэй үлэ» номинация Налимскай орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччилэрэ буоллулар.

Өйтөн суруйууга алын кылаастарга Н.И.Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнэээччилэрэ Коля Бубякин -I миэстэ, Петя Тарасов -II миэстэ, Дима Акакиев — III миэстэни ылары ситистилэр. Өйтөн суруйууга анал номинацияларга Д.С. Слепцов аатынан Эбээх орто оскуолатын 3-c кылааһын үөрэнээччилэрэ «Мин аҕам –холобур оҥостор киһим» Сергей Третьяков, «Бастыҥ буочар» анал ааты Саша Ретинскэй ыллылар.
Уруһуй күрэҕэр «Кылаан чыпчаал» кыайыылааҕынан А.Н.Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолатын 3-c кылааһын үөрэнээччитэ Виктор Шахов ааттанна.

I-кы истиэпэннээх Лауреат Дархан Татаринов (Хатыҥнаах орто оскуолатын 2-с кылааһын үөрэнээччитэ), II-с истиэпэннээх Лауреат Радислав Лаптев (Н.И Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнэээччитэ), III-с истиэпэннээх Лауреат Раил Винокуров (А.Н. Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ) буоллулар.

I-кы истиэпэннээх дипломант Ярослав Эверстов (Г.Г. Колесов аатынан орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ), II-с истиэпэннээх дипломант Дьулусхан Гуляев (Хатыҥнаах орто оскуолатын 3-с кылааһын үөрэнээччитэ), III-с истиэпэннээх дипломант Савелий Шахов (А.Н. Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолатын 1 кылааһын үөрэнээччитэ) тигистилэр.

Уруһуйга «Өҥү сөпкө дьүөрэлии» Тырылгин Саша (Г.Г. Колесов аатынан орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ), «Инникилээх худуоһунньук» Метельских Роберт (Н.И Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатын 2 кылааһын үөрэнэээччитэ), «ис хоһоону арыйыы» – Бережнов Алёша, «Бастыҥ толоруу» — Сибиряков Сеня, «Бастыҥ дьүһүйүү» – Спиридонов Денис (Хатыҥнаах орто оскуолатын 1-кы кылааһын үөрэнээччилэрэ), «Тупсаран оҥоруу» – Слепцов Давид 2-с кылаас, «Бастыҥ түмэн оҥоруу» – Павлов Володя 2-с кылаас, Слепцов Артем 4-с кылаас, «Бөлөҕүнэн бастыҥ мэтириэт» — Андросов Кирилл, «Дьоруойу арыйыы» — Оконешников Роберт (Н.И Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ) анал ааттары ыллылар.

Биһиги ыҥырыыбытын ылынан кыттыбыт оҕолорго, кылаас салайааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит.
Байанай ыйын чэрчитинэн алын кылаастарга Константин Васильевич Шадрин оҥорон хаалларбыт чуучулаларынан быыстапка турда. Оҕолорго кини кыыһа Анна Константиновна Шадрина кэлэн билиһиннэрдэ. Оҕолор көтөрдөр, балыктар ааттарын билистилэр, хайдах чуучула оҥоһулларын кэпсээтэ.

Алын кылаастарга «Баай Байанай оонньуута» хамаанданан күрэх ыытыллыбыта. Манна оҕолор көтөрдөр, кыыллар суолларын билэргэ, таабырын таайсарга, булт албастарын кытта билистилэр. Аҕа сылыгар уонна Байанай ыйыгар анллаах тэрээһиинэр, уолаттар аҕаларын кытта «Байанай оонньуута» күрэҕинэн түмүктэннэ.

Ааптар: Виктория Кудрина, алын кылаас учуутала, Хатыҥнаах бөһ.

Хаартыска: К.В.Шадрин чуучуланан быыстапката

Хаартыска: Байанай оонньуута күрэх кыттыылаахтара

Читайте дальше