Бэс ыйын 19 күнүгэр Бастакы Мээтис нэһилиэгэр ойуур уотун бохсууга ыксаллаах-быһыы майгы биллэһиллибитэ.
Бу күн баһаар туругун туһунан нэһилиэк баһылыга Владимир Владимирович Колесов бу курдук кэпсиир:
«Бүгүҥҥү күн туругунан бөһүөлэк аттынааҕы К-730 нүөмэрдээх ойуур баһаара уопсайа 23711 кв миэтэрэ иэни хапта. Бөһүөлэк чугаһынааҕы баһаары умуруорууга түргэн-тарҕан туттуу, көрүллүбүт эбии күүс, баһаар утары туһуланар эбии тээбирин көрүллүүтэ уонна тыал хайысхата төһүү күүһүнэн буолла. Ону тэҥэ бу күннэргэ ардах түһэн абыраата. Баһаары бохсууга, «Авиалесоохрана», Саха Өрөспүүбүлукэтин Баһарыы утары судаарыстыбаннай сулууспата, улуустааҕы Быыһыыр уонна Судаарыстыбаннай баһаары утары сулууспалар, бэйэ баҕатынан көмөлөһөр дьон, олохтоох нэһилиэнньэ үлэлииллэр. Уоту умуруорууга күн аайы 100-тэн тахса киһи, 2 бөртөлүөт, 2 МТ бөлөрүүс, 3 тыраахтар, 10 мотовездеход, А -26 зондировщик уонна «Пилатус» сөмөлүөттэр үлэлииллэр.
Ойуур баһаардарын улахан аҥара уустук суоллаах-иистээх сирдэргэ баар. Ол иһин этэрээттэр хас да сиринэн арахсан үлэлииллэр. Тыал хайысхатын уларытар түгэнигэр нэһилиэнньэлээх пууҥҥа чугаһыыр кутталлаах. Ону пилатус сөмөлүөтүнэн лүөтчүк-на блюдатель термоточка ханан турбутун, төһө иэннээҕин үөһэттэн ыйан кэрдэн иһэр. Онон бары күүһү-уоҕу түмэн, уот кырыы, ыраах да сыттар баһаары умуруора сатыыбыт.
Бу күн нэһилиэккэ 305 киһи олорор. 133 ыал, 19 элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн олохсуйан олорор. Уопсайа 113 дьиэ баар. 16 киһи (мантан 12 оҕо) Орто Халыма куоракка эвакуацияланна. Олохтоох нэһилиэнньэ кэрэ аҥара кыраапыгынан ас астыыр, эр дьон баһаарга бохсууга үлэлииллэр, көрдьүгэннээх сирдэри кэтииллэр, мин.балаһа оҥороллор. 3 балаһа оҥоһуллан бэлэм турар. Нэһилиэнньэ, оҕолордоох дьон-сэргэ түүннэри-күнүстэри үлэлиир. Онон оҕолорбутун сайыҥҥы лааҕырдарга ыытар наадатын туһунан төрөппүттэр баҕа санааларын этэллэр. Орто Халыма куоратыттан, Байды нэһилиэгиттэн, үлэ тэрилтэлэриттэн, урбаанньыттартан, биирдиилээн дьонтон көмө, ас-таҥас, бырдах эмэ, уот умуруорар тэрил уо.д.а. мал-сал кэлэн олус туһалыыр. Уоту умуруорар тэрили (огнетушители) бөһүөлэк кытыытыгар олорор ыалларга түҥэттибит. Орто Халыма улууһун дьаһалтата «Якутоптторг» маҕаһыыныттан 500 киилэ сибиэһэй аһы ыытта. Төрөөбүт дойдубут күөх тыатын, айылҕатын харыстыыр, нэһилиэккэ куттал суоһаабатын туһугар гуманитарнай көмөҕүт иһин, уоту бохсууга үлэлиир дьоммутугар, хоһуун санаалаах хорсун уолаттарга улахан махталбын тиэрдэбин.»
Ааптар: Варвара Оконешникова