Судаарыстыба, бырабыыталыстыба өттүттэн үөрэхтээһин сайдарын туһугар элбэх хайысхалаах бырагыраама, бырайыак олоххо киирэн үлэлиир. Быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн 26 улууска 57 (15 хоту улуустарга) үөрэх тэрилтэтин эбийиэгэр хапытаалынай өрөмүөн ыытыллар.
Биһиги улууспутугар федеральнай үбүлээһиҥҥэ тирэҕирбит 2 үөрэх тэрилтэтигэр, Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа уонна Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөллээҕи агрохайысхалаах орто оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөннэр ыытыллаллар. Бу күн туругунан Өлөөкө Күөллээҕи орто оскуола өрөмүөнүн үлэтэ 98% тэҥнэспит, Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн үлэтэ түмүктэммитин туһунан тустаах докумуоҥҥа илии баттаммыт.
Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн муус устар 1 күнүттэн саҕаламмыта. Өрөмүөн, «Үөрэх тэрилтэлэрин саҥатытыы» федеральнай бырагыраама иитинэн оҥоһулунна. Үлэ Егор Константинов салайыытынан «КЕН и компаньон» олохтоох тэрилтэ өҥөтүнэн толорулунна.
Үлэни даҕатан эттэххэ, «КЕН и компаньон» тэрилтэтэ эбийиэк муостатын ититтэ, саҥа билиитэлэринэн бүрүйдэ, бары истиэнэтин, ис үрдүн аныгылыы быһыылаах оҥордо, уотун-күөһүн саҥардан тарта, көрүдүөрдэри саҥатытта, саҥа түннүктэри, ааннары туруорда. Салгын хамсатар вентиляция саҥардылынна. Маны тэҥэ сэрэхтээх буолуу өттүнэн видеонаблюдения, 18 туочуканан дуораанньык (громкоговоритель) туруорулунна. Успуорт саала бүтүннүү саҥалыы тыыннанна.
Үлэ хаамыыта, улуус дьаһалтатын баһылыгын, улуустааҕы үөрэх управлениятын, улуус баайын-дуолун учуоттуур ааҕыныстыба салалтатын, төрөппүт кэмитиэтин тус хонтуруолларынан ыытыллыбыта. Өрөмүөн мала-сала кыһыҥҥы суолунан уонна уунан тиэллэн кэлбитэ.
Үлэ барылын туһунан Н.И.Шарин аатынан Орто Халыматааҕы орто оскуола дириэктэрэ Колымана Александровна Слепцова бу курдук билиһиннэрэр:
«Хапытаалынай өрөмүөнү улууска соҕотох олохтоох бэдэрээччит «КЕН и компаньон» тэрилтэ толордо. Хампаанньа үлэтин үчүгэй түмүктээх болдьоҕор туттарда. Өрөмүөн үбүлээһинэ 82 065 000 солк.тэҥнэһэр. Маны сэргэ оскуола материальнай баазатын тупсарыыга 12 757 346,94 көрүллүбүтэ. Учебниктарынан хааччыллыыга — 850 000,00солк., учууталлар квалификацияларын үрдэттэллэригэр — 50 000,00, итиэннэ 447 906,00 солкуобайга 15 саҥа ноутбук ылылынна. Үөрэх малын-салын, миэбэли, спортивнай тээбирини атыылаһарга «Якутский учколлектор», «КопирТехСервис», «Трамплин», «Спецавтоматика», «Элтар», «Сервисная компания», «КТС», аһаҕас акционернай уопсастыбалары уонна Г.Г. Марков урбаанньыты кытта ыкса үлэлэстибит.
Маны таһынан антитеррор хайысхатынан сэрэхтээх буолуу бырагырааматыгар олоҕуран, улуус дьаһалтатын үбүлээһининэн (3 800 000,00 солк.) оскуола огражденията оҥоһулунна. Тустаах үлэни олохтоох урбаанньыт Леонид Бандеров толордо. Маны сэргэ кини эбийиэк ититэр ситимин толорду саҥатытан оҥордо.
Өрөмүөнү олохтоох бэдэрээччиттэр ыыппыттара хайҕабыллаах. Үтүө үлэ туһугар бары усулуобуйаны олохтоон, үлэһиттэри кытта биир тылга киирэн, биир санаанан салайтаран бэрт таһаарыылаах үлэ ыытылынна диэн бэлиэтиибит. Биһиги курдук ыраах сытар хоту улууска тиэйиитин-таһыытын кыайа тутан, олохтоох уолаттары үлэлэтэн, үлэтин болдьоҕор 100% туттарбытыгар Егор Константиновы сирэйдээн «КЕН и компаньо» тэрилтэҕэ үрдүк махталбытын тиэрдэбит, киэн туттарбытын биллэрэбит. Маны сэргэ үтүө түмүктэри ситиспиттэрин иһин урбаанньыкка Леонид Бандеровка, Егор Шкулевка, малбыт-салбыт тиэйиитин дьаһаллаабыт дьоммутугар Вячеслав Волковка уонна Владимир Галаевка, дизайнын оҥорон ис иэммит көрүҥүн судаарыстыбаннай стандарт быһыытынан тупсарбыт дизайнербытыгар Николай Тарасовка, көрүдүөрү тупсарбыт кыргыттарга, чуолаан Галина Слепцоваҕа, Татьяна Гороховаҕа, уһун үлэ устатыгар эбээһинэстэрин эппиэтинэстээхтик толорбут вахтердарбытыгар Ирина Слепцоваҕа, Егор Бережновка, тутааччылары күн аайы минньигэс, иҥэмтиэлээх аһынан хааччыйбыт Александра Ставенскаяҕа, мал тиэйиигэ-таһыыга тэрилтэнэн кэлэн көмөлөспүт «Дороги Арктики», «Халыматааҕы көрдүүр-быыһыыр этэрээт» үлэһиттэригэр, аҕаларбыт түмсүүлэригэр, улахан кылаас үөрэнээччилэригэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит.
Билигин төрөппүттэр көмөлөрүнэн сууйууга, бэрээдэктээһиҥҥэ, миэбэли таҥыыга, таһыыга субуотунньуктар ыытыллаллар. Онон сотору кэминэн оҕолорбут сырдык ыраас, итии-кутуу саҥардыллыбыт оскуолаҕа саҥа үөрэх сылын көрсүөхтэрэ диэн долгуйа күүтэбит».
Ааптар: Саргылана Кокорина