Ыам ыйын 15 күнэ — Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнэ. Бу күҥҥэ сиэттэрэн, биһиги бүгүн 50 сыл алаһа дьиэ тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн бииргэ олорбут, ытык-мааны ыалы кытары кэпсэтиибитин таһаарабыт. Кинилэр СӨ үөрэҕириитин туйгуннара, СӨ үлэ бэтэрээннэрэ, Орто Халыма улууһун Бочуоттаах олохтоохторо Евгения Павловна уонна Иван Анисимович Третьяковтар буолаллар.
Ону таһынан, Евгения Павловна — СӨ бочуоттаах экономиһа, Иван Анисимович — Арассыыйаҕа дуобакка успуорт маастара, үөрэҕирии Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ физическэй култуура уонна успуорт бэтэрээнэ, Бастакы Хаҥалас нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, «Учууталлар учууталлара» бэлиэ хаһаайына.
- Иван Анисимович, Евгения Павловна ааҕааччыларбытыгар бэйэҕит тускутунан сиһилии билиһиннэриэххэ?
Иван Анисимович: Мин 1947 с. Бастакы Хаҥалас нэһилиэгэр Өлөөкө Күөл бөһүөлэгэр төрөөбүтүм. Оҕо сааһым учаастакка ааспыта, 7 саастаахпар 0 кылааска киллэрбиттэрэ. 8-с кылааска диэри Өлөөкө Күөл оскуолатыгар, онтон 9-с кылаастан Орто Халыма оскуолатыгар үөрэммитим. 1966 с. оскуоланы бүтэрэн, аармыйаҕа Иркутскайга сулууспалаабытым. 1969 с. СГУ физико-математическай факультетыгар туттарсан киирбитим.
Биһиги 1974 с. муус устар 12 күнүгэр ыал буолбуппут, быйыл 50 сыл буолла. Үөрэхпитин бүтэрээт, кэргэммин кытта иккиэн Орто Халымаҕа үлэлии кэлбиппит, мин математика учууталынан анаммытым. Билигин Н.И.Шарин аатынан Орто Халыма орто оскуолатыгар эбии үөрэхтээһиҥҥэ саахымат, дуобат уһуйааччытынан үлэлии сылдьабын.
Евгения Павловна: Мин Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Иккис Наахара нэһилиэгэр 1953 с. бэс ыйын 19 күнүгэр төрөөбүтүм. Орто оскуоланы бүтэрэн, Дьокуускайга кооперативнай техникумҥа бухгалтер идэтигэр үөрэммитим. Кэргэним дойдутугар Орто Халымаҕа кэлэн, оройуоннааҕы сэбиэккэ сүрүннүүр бухгалтерынан үлэбин саҕалаабытым. Онтон 2009 с. улуустааҕы кииннэммит бухгалтерия тэриллиэҕиттэн салайан үлэлии сылдьабын.
- Хаһан, ханна билсэн-көрсөн ыал буолбуккутуй? Оҕолоргут тустарынан кэпсээҥ?
Евгения Павловна: Кэргэммин кытта 1973 сыллаахха Февралина Николаевна уонна Василий Захарович Чукровтар сыбаайбаларыгар билсэн, онтон чугастыы доҕордоһон, олохпутун холбообуппут. Февралина Николаевна мин эдьиийбинээн бииргэ олорон үөрэммиттэрэ, ол иһин кини бэйэм эдьиийим кэриэтэ буолбута.
Үс оҕолоохпут: Павел, Татьяна, Екатерина. Оҕолорбут бары үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, Дьокуускайга олохсуйан, үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Уолбут Павел инженер-строитель идэлээх, «Саха сирин тутааччыларын сойууһугар» отдел начаалынньыгынан үлэлиир. Ыал аҕата, үс уоллаах. Улахан кыыспыт Татьяна тапталлаах кэргэн, икки кыыс оҕо иһирэх ийэтэ. Кини «Ф.И.Авдеева аатынан оҕо айымньытын дыбарыаһыгар» салайааччынан үлэлиир. Кыра кыыспыт Екатерина ыал ийэтэ, үс уол оҕолоох. Коммерческайа суох «СӨ Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэрин хапытаалынай өрөмүөнүн пуондата» тэрилтэҕэ отдел начаалынньыгынан үлэлиир. Аҕыс сиэннээхпит, улахан сиэммит үөрэҕин бүтэрэн аармыйаҕа сулууспалыы сылдьар, саамай кыра сиэммит уһуйаан иитиллээччитэ.
- Дьиэ кэргэнинэн туох үтүө үгэстээххитий, дьарыктааххытый?
Иван Анисимович: Кыра эрдэхпиттэн успуорт араас көрүҥнэригэр дьарыктанар этим. Быйыл Өрөспүүбүлүкэҕэ дуобакка оонньообутум 60 сыла буолла. 2004 с. дуобакка успуорт маастарын нуорматын толорбутум. Всесоюзнай Лигаҕа иккитэ баран оонньуу сылдьыбытым, биһиги Орто Халымабыт хамаандата куруук бастыыр этэ. Улуустааҕы бэтэрээннэр спартакиадаларыгар, буолуоҕуттан ыла, куруук кыттабын. Күрэхтэһии буолар буоллаҕына, эбэһээт кыттабын, судьуйалыыбын. «Азия оҕолоро» оонньууларыгар, 1994 с. Аан дойду чөмпүйэнээтигэр судьуйалаабытым. Дуобакка үөрэппит оҕолорбуттан хандьыдаат да буолбут оҕолор бааллар.
Евгения Павловна: Дьиэ кэргэнинэн балыктыыбыт, кустуубут, айылҕаҕа сылдьарбытын сөбүлүүбүт. Сир аһыгар оҕолорбутун, сиэттэрбитин илдьэ сылдьабыт. Оҕолорбутун кытта уоппускабытыгар соҕуруу тэҥҥэ сынньанабыт, сири-дойдуну үөрэтэбит.
- Эһиги санааҕытыгар, дьиэ кэргэн дьоло туохха сытарый?
Иван Анисимович: Бэйэ-бэйэни ситэрсэн, өйөһөн-өйдөһөн, үлэни тэҥҥэ оҥордоххо кыайыы, ситиһии кэлэр. Кэргэним үлэтэ сүрдээх элбэх бириэмэни, сыраны-сылбаны эрэйэр. Холобур диэн эттэххэ, мин үлэ күнүгэр эбиэт буһаран, иһит сууйан, дьиэ үлэтин оҥоробун. Дьиэ кэргэн иһигэр биир ситим, биир киһи курдук өйдөһүү баар буолуохтаах. Оҕолорбут ситиһиилэрэ биһигини кынаттыыр.
- Билиҥҥи эдэр ыччакка тугу сүбэлиэххит этэй?
Иван Анисимович: Биһиги, «итиини-тымныыны» тулуйан кэлбит дьоммут, наар «итии» иһигэр сылдьар сатаммат. Билиҥҥи эдэр көлүөнэ ирдэбилэ сүрдээх элбэх. Аныгы ыччат кыра да кыһалҕаны тулуйа түспэт диэн санаалаахпын. Моһуоктары, күчүмэҕэйдэри ааспыт киһи үлэһит буолар. Билигин оскуола оҕолоругар улахан үлэ да диэн суох, эгэ дуоска сотооһуна да суох буолан эрэр. Уолаттарга патриотическай үөрэхтээһини күүһүрдүөххэ наада.
Аныгы үйэ дьоно бэйэ-бэйэҕэ үтүө сыһыаннаах, сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх, дьоллоох олоҕу олорорго дьулустуннар. Сүрүнэ чэгиэн-чэбдик, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сырыттыннар.