Алтынньы 31 күнүттэн сэтинньи 3-гэр диэри биһиги улууспутугар быраастар мобильнай биригээдэлэрэ үлэлээтэ.
Кинилэр былаан быһыытынан Орто Халыма куоратыгар, Иккис Мээтис уонна Иккис Хаҥалас нэһилиэктэригэр сылдьан, уопсайа 359 киһи доруобуйатын (132 оҕо) көрдүлэр.
Үлэ барылын туһунан быраастар биригээдэлэрин сэбиэдиссэйэ Изольда Алексеева бу курдук билиһиннэрэр: «Быраастар мобильнай биригээдэлэрэ Ил Дархаммыт ыйааҕынан, Аартыка улууһугар сылга иккитэ сылдьыахтаахпыт. Бу сырыыбытыгар невролог, эндокринолог, кардиолог, терапевт, педиатр, лабараан, узи быраастара учуокка турар элбэх дьонноох нэһилиэктэргэ, Сыбаатайга уонна Эбээххэ сырыттыбыт. Итиэннэ Орто Халыма куоратыгар үлэлээтибит. Отчуоппут сыыппарата көрдөрөрүнэн, дьон үксэ кардиолог уонна эндокринолог быраастарга сырытта, ЭКГ-га — 100, узига — 222 киһи көрдөрүннэ. Маны сэргэ быраас мэктиэлээһинин ылбыт дьонтон (гормоны, онком, гепатит, лил.спектр, гемоглобин, сахар, холестерин) анаалыстары 307 киһи туттарда».
Ааптар: Саргылана Кокорина
Хаартыска: Быраас Иккис Хаҥалас нэһилиэгэр үлэлиир